Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа таҥас таҥнаары,
Мэник уолан батыһа көрбүтүн
Тапталга кубулутаары.
Дьахтар кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа ытарҕа кэтээри,
Дьоһун дьолун бар дьоҥҥо
Итэҕэтэн ааһаары.
Эмээхсин кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа былаат баанаары,
Түһүлгэҕэ тиийэн олорон
Былыргытын санаары.
Ыһыаҕы кэтэспэт киһи суох—
Ыһыаҕа суох олох суох!
Наталья Харлампьева.
Муниципальнай тэриллиилэргэ уонна куорат уокуруктарыгар Ыһыах ыытыллар графига:
Абыйский улууһа — 14.06.2025 с.
Алдан оройуона — 12.06.2025 с.
Аллайыаха улууһа — 21.06.2025 с.
Амма улууһа — 21.06.2025 с.
Анаабыр национальнай улууһа — 21.06.2025 с.
Аллараа Халыма улууһа — 21.06.2025 с.
Булуҥ улууһа — 21.06.2025 с.
Үөһээ Бүлүү улууһа — 24-25.06.2025 с.
Үөһээ Халыма улууһа — 21.06.2025 с.
Дьааҥы улууһа — 20-21.06.2025 с.
Бүлүү улууһа — 21.06.2025 с.
Горнай улууһа — 25.06.2025 с.
Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуона — 21.06.2025 с.
Кэбээйи улууһа — 21.06.2025 с.
Ленскэй оройуона — 21.06.2025 с.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһа — 21.06.2025 с.
Мииринэй оройуона — 21.06.2025 с.
Муома улууһа — 21.06.2025 с.
Нам улууһа — 21.06.2025 с.
Нерюнгри оройуонугар Олоҥхо Ыһыаҕа — 4-5.07.2025 с.
Ньурба улууһа — 27-28.06.2025 с.
Өймөкөөн улууһа — 21.06.2025 с.
Өлүөхүмэ оройуона — 21.06.2025 с.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуона — 28.06.2025
Орто Халыма улууһа — 21.06.2025 с.
Сунтаар улууһа — 20-21.06.2025 с.
Таатта улууһа — 21.06.2025 с.
Томпо оройуона — 21.06.2025 с.
Уус-Алдан улууһа — 21.06.2025 с.
Уус-Маайа улууһа — 21.06.2025 с.
Усуйаана улууһа — 21.06.2025 с.
Хаҥалас улууһа — 14.06.2025 с.
Чурапчы улууһа — 21.06.2025 с.
Эбээн-Бытантай национальнай улууһа — 21.06.2025 с.
Дьокуускай куорат — 28-29.06.2025 с.
keskil14.ru