Бу дьыл сэтинньи 28 күнүгэр биллиилээх режиссер, СӨ, Арассыыйа норуотун артыыһа, Арассыыйа Үлэтин дьоруойа Андрей Саввич Борисов үбүлүөйдээх 75 сааһын бэлиэтиир.

Салгыы «Бэлэм буол» хаһыат 1988 сыл бэс ыйын 28 к. таһаарыытыгар Андрей Борисов интервьюта бэчээттэммититтэн оҕо сааһын уонна суолун аһан биэрбит соһуччу көрсүһүү туһунан кэпсээбитин быһа тардан билиһиннэрэбит:
«Кэбээйи Ньидьилитигэр төрөөбүтүм. Онно ийэм Зинаида Пантелеймоновна биэлсэринэн, аҕам Савва Егорович учууталынан үлэлээбиттэрэ. Онтон Орджоникидзевскай оройуон Чараҥар көһөн кэлбиппит. Чараҥ кулуубугар улахан дьон мустан “бостунуопка” көрдөрөллөрө. Мин нулевой кылааска үөрэнэ сырыттахпына “артиһынан” ыҥырдылар. Үөрүү бөҕө. Саша Чекалин туһунан спектальга оһох үрдүгэр утуйа сытар оҕону оонньуохтаахпын. Ол түгэни олус өйдүүбүн. Репетиция кэмигэр Сашаны оонньуур уол граната оннугар үтүлүгүн быраҕаары гынар. Ону мин, режиссер буолуохтаах хааным оонньоотоҕо буолуо, утарсан турдум: «Үтүлүк эстибэт, гранатаны бырах», — диэммин. Ону бу репетицияны ыһаары гынна диэн миигин «артиспыттан» үүрэн кэбистилэр. Мин оннубар балтыбын Аняны ыллылар. Аня эрэйдээх оһохторун үрдүгэр сытан, кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалан, «проваллата» сыспыт этэ…
Оччолорго дэриэбинэ уолаттара сэриилэһэн, туораҕынан бырахса, хаар кириэппэһи былдьаһа оонньуурбут. Булгунньахтаах таҥаратын дьиэтигэр киинэ көрөрбүт. «Робинзон Крузоны» илдьирийиэр диэри ааҕарбыт. Ити үлүһүйүүтүгэр уол оҕо бастакы фантазияларын, толкуйдаан оҥорон көрүүлэрин үөскэппит буолуохтаахтар.
Бастакы учууталларбын А. Н. Платонованы, драматург С. П. Ефремовы умнубаппын. Степан Павлович ыытарн уруоктара биһиги инники дьулуһар санаабытын күүркэтэрэ.
Пионерскай дружинаҕа соһуччу баҕайы барабаанньыт гыннылар! Үөрүү бөҕө. Түргэнник үөрэнэ охсоору иннибэр туох түбэспитин: буочука буоллун, иһит буоллун, охсон көрө сылдьар буоллум. Походтары, пионерскай кутаалары, слеттары, санитарнай дружинабытын, «Милиция эдэр доҕоро» кулууппутун өрүү саныыбын.
Үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан киинэ режиссера буолуохпун баҕарбытым. Москваҕа кинематография институтугар сурук ыыппытым. Ону: «Эдэриҥ бэрт. Олоҕу үчүгэйдик билэн баран кэлээр», — диэн эппиэттээбиттэрэ. Ол иһин ийэм суолунан эмчит буолаары университекка медицинскэй факультекка туттарсыбытым. Ити 1969 сыллаахха этэ. Химияҕа «куһаҕаннанан» арбы-сарбы буолан дьиэбэр баран иһэн, билигин театр режиссерунан үлэлиир В. М. Фомины уонна театрга литературнай чаас сэбиэдиссэйэ И. А. Дмитриевы көрсө түспүтүм. Дьонум: «Хата, бу сытыы сирэйдээх-харахтаах уол иһэр», — диэннэр тохтоппуттара (иккини ылан иһэр киһи соччо сытыы харахтамматым ини). Дьонум кэпсэтэ түһэн баран, Москваҕа Щепкин аатынан театральнай училещеҕа дьоҕурдаах оҕолору сүүмэрдии сылдьалларын эттилэр. Онон бу соһуччу көрсүһүү олохпун тосту уларыппыта…»
Кэскил14.ру