Саха омук сүдү баайын, өбүгэбит үйэлэри уҥуордаан кэлбит улуу айымньытын – Олоҥхотун күнүн көрсө, биһиги оскуолабыт улахан кылааһын үөрэнээччилэригэр олус сэргэх уонна дириҥ ис хоһоонноох квиз-викторина ыытылынна.
Бу тэрээһини үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытарга И.Я. Танхаров аатынан Култуура киинин үлэһиттэрэ күүс-көмө, тирэх буоллулар. Кинилэр бэлэмнээбит ыйытыылара оҕолор олоҥхо эйгэтин төһө дириҥник билэллэрин, толкуйдуур дьоҕурдарын уонна түргэнник быһаарынар сатабылларын тургутан көрдүлэр.
Оҕолор хамаанданан арахсан, сахалыы куту-сүрү уһугуннарар ааттары ылынан, тыҥааһыннаах киирсиигэ кытыннылар. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар:
• 1 миэстэ – «Бухатыыр» хамаанда (билиитигэр эрэллээх, сытыы өйдөөх бастыҥнар);
• 2 миэстэ – «Олоҥхо» хамаанда (уус-уран тылы баһылаабыт, дириҥ билиилээх оҕолор);
• 3 миэстэ – «Дойду» хамаанда (төрөөбүт дойдуларын култууратын уонна үгэһин чиэстээхтик көмүскээччилэр).
Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт И.Я. Танхаров аатынан Култуура киинин үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит! Ыччаты төрүт култуураҕа угуйар маннык үтүө үгэс салҕана турдун, кэнчээри ыччаппыт өбүгэтин улуу нэһилиэстибэтин үрдүктүк тута сырыттын!


Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
