Биһиги бүгүн «Дүллүкү нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгын Николай Петрович Романовы кытта ааһан эрэр сыл түмүктэрин туһунан кэпсэтэ кэллибит.
Сүрүн тэрээһиннэр уонна инфраструктура
— Николай Петрович, үтүө күнүнэн! Быйыл туох түгэни эбэтэр олоххо киирбит бырайыагы сүрүн ситиһиинэн ааҕаҕын?
— «Формирование комфортной городской среды» диэн бырагыраамаҕа кыттаммыт, Ийэ скверин тутан киллэрдибит. Дүллүкү нэһилиэгэр тоҕус Герой ийэ баар. Кинилэри үйэтитэр ытык иэспит буолар. Сквер дэриэбинэбит ортотугар турар, сайын үөрүүлээх арыллыыта буолбута. Өссө ППМИ бырагырааманан ыһыахтыыр сиргэ Аал Луук Мас туруорулунна. Анал биригээдэ кэлэн үлэлээбитэ.
— Суолу-ииһи оҥорууга, уулуссаны сырдатыыга уонна социальнай эбийиэктэри тупсарыыга, өрөмүөҥҥэ туох үлэ оҥоһулунна?
— Суол оҥоруутугар бүддьүөттэн үп көрүллэр, онон сыл аайы былааҥҥа киирэр. Нэһилиэкпит арҕаа өттүгэр Куонньук уулуссаҕа 1 км кыайбат суол оҥоһулунна. Аны Центральнай, Октябрьскай уулуссалар суоллара оҥоһуллар. Чыыйык, Бүдүргэй уулуссалар уоттарын оҥорор былааннаахпыт. Үп министиэристибэтигэр сайаапка биэрэн олоробут, онон кэлэр сылга бырагыраамаҕа кыайдахпытына, үлэ барыа. Сыл ахсын суолу көннөрүүгэ, хаары анньыыга дьаһалта тыраахтыра көрөн үлэлии сылдьар. Ону ааһан субуотунньугунан үлэлээн суол куттала суох буолуутун хааччыйабыт. Билигин суол быраабылатын бэлиэлэрин уларыта сылдьабыт.
Оскуола, оҕо уһуйаанын тутуута улуус дьаһалтатын боломуочуйатыгар баар. Биһиги ону туруорсар эрэ кыахтаахпыт. 160 миэстэлээх оскуола бырайыактыыр докумуоннарыгар илии баттана сытар. Улуус бүддьүөтүттэн үп көрүлүннэҕинэ, бырайыак салгыы хамсыаҕа. Ордук мөлтөх туруктаах оскуолабыт буолар, онон уһуйаан бырайыага киирэ илик. Кулууп тутуутугар Култуура министиэристибэтин кытта өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэлэһэ сылдьабыт.
— Олохтоохтору ититиинэн уонна туруктаах интэриниэтинэн хааччыйыы хайдаҕый?
— Дүллүкү нэһилиэгэ «Альтернатива» чааһынай тэрилтэҕэ (ОДьКХ) киирэн олорор. 5 улахан хочуоллаах. Ититии ситимигэр 70-тан тахса чааһынай ыал, биир 2 этээстээх дьиэ уонна бары социальнай эбийиэктэр холбонон олороллор. Көдьүүстээхтик үлэлиир эрээри, чоҕунан хааччыллыы мөлтөх соҕус, саппааһа суох. Ньурбаттан чох утары аҕалыллан оттуллар.
2025 сылтан интэриниэт ситимигэр подрятчиктары кытта кэпсэтэммин, нэһилиэги 100% хааччыйдыбыт. Хас биирдии дьиэҕэ точка баар, оптоволокноҕа холбонон олорор кыахтаах буолла. Онон билигин «Билайн», «МегаФон» уонна «Йота» сибээһэ баар.
Тыа хаһаайыстыбата уонна олохтоохтору өйөөһүн
— Олохтоох фермердэгэ, кэтэх хаһаайыстыбаларга, урбаанньыттарга сыл түмүгэ хайдаҕый?
— Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо сүрүнэ — кыстыкка бэлэмнэнии. От үлэтэ быйыл ардах мэһэйдээбэккэ үчүгэйдик барда. Граҥҥа кыттыы, хомойуох иһин, быйыл суох. Сайын үүтү сүөһүлээх дьон кыра аҥаардара туттардылар. Арыы собуотун былаана ситэри туолбата эрээри, нэһилиэккэ арыы атыыланна. Дьон төбө харчытын күүтэр буолан, үүт туттарбатылар. Бу тыа хаһаайыстыбатыттан кэлэр күүстээх көмө сыл бүтэһигэр кэлиэ диэн эрэнэллэр.
— Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, элбэх оҕолоох ыаллар, кырдьаҕас дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр ханнык дьаһаллар быйыл үлэлээбиттэрэй?
— Сыл аайы бастакы уочарат биһиги АБДь кыттыылаахтарын дьонугар, төрөппүттэригэр көмөлөһө олоробут. Тэрилтэнэн ананан муус киллэриитигэр, хаар үлэтигэр сылдьаллар. Аҕам саастаах дьоҥҥо орто оскуола кэлэктиибэ көмө оҥорор. Билигин бүддьүөт кэмчи буолан, үксэ субуотунньугунан оҥоһуллар. Дьаһалта сайыҥҥы водопровод үлэтигэр эмиэ чэпчэтии оҥорор. 2023 сылтан АБДь кыттыылаахтара сир нолуогун төлөөбөт буоллулар. Отчуоту улуус дьаһалтатыгар ыыта олоробут. Үөһээ Бүлүү делегацията сылга иккитэ-үстэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баран кэлэр. Бүддьүөт үлэһиттэрэ хамнаспытыттан квартал аайы ыыта турабыт. Үбүнэн, аадырыска баһыылка ыытан, барыларыгар көмөлөһө олоробут.
— Дэриэбинэҕэ саҥа эдэр исписэлиистэри үлэҕэ тардар кыахтанныбыт дуо?
— Эдэр исписэлиистэри олордор дьиэбит суох. Уопсай дьиэ тутуутугар бырайыак оҥоһуллара 4 мөл. суумалаах. Ону биһиги бүддьүөппүт уйунар кыаҕа суох. «Үтүө дьыала» бырагырааманан кыттабыт эбэтэр улахан инвестор булан кыттыахха сөп.
Үөрэхтэрин бүтэрэн икки бэтэринээр кыыс үлэлии кэлбиттэрэ сыл буолан эрэр, дьаһалта дьиэтигэр олороллор. Кулуупка уус-уран салайааччы кэлбитэ, чааһынай дьиэни куортамнаһан олорор. Балаһыанньаттан маннык тахса сатыыбыт.
Уопсастыбаннай олох уонна култуура
— Ханнык култуура уонна успуорт тэрээһиннэрэ быйыл ордук өйдөнөн хааллылар?
— Быйыл сайын нэһилиэкпит улуустааҕы успуорт управлениетын кытта Андрей Иванович Устинов аатынан сүүрүүгэ марафон ыыппыппыт. Олус сэргэхтик ааспыта. Ахсынньы 2–3 күннэригэр АБДь кыттыылааҕа, «Эр санаа» уордьан туһааннааҕа Степан Степанович Руфов сырдык аатыгар хотугу многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытаары олоробут. Үп-харчы өттүнэн үксүн төрөппүттэрэ С.Т. Герасимова, С.С. Руфов олус көмөлөстүлэр.
Ахсынньы 5–6 күннэригэр хапсаҕайга успуорт маастара Константин Иванович Мандаров аатынан 4 нэһилиэк (Дүллүкү, Кырыкый, Маҥаас, Далыр) тэрийэр күрэхтэһиитин ыытабыт. Бу тустуу федерациятын кубогын иннигэр сүүмэрдээһин кэриэтэ буолар күрэх.
Үлэҕэ уустуктар
— Ааһан эрэр сылга дьаһалта туох ыарахаттары көрүстэ, ону хайдах кыайдыгыт?
— Үп-харчы кэмчи буоллаҕына, үлэ хаарчахтанан хаалар. Билигин уулусса уотун толору быһаарбакка олоробут. Ыты күүлэйдэтэр анал миэстэ («выгул для собак») оҥоһуллара ирдэнэр буолбута. Биһиэхэ көрүүтэ-истиитэ суох ыт суох да буоллар, ирдэбил хайаан да туолуохтаах, онон үлэтин саҕалаатыбыт.
— Саҥа дьыл иннинэ биир дойдулаахтаргар тугу баҕараҕын?
— Нэһилиэгим дьонугар-сэргэтигэр чэгиэн туругу баҕарабын. Доруобуйа баар буоллаҕына, туох барыта кыаллар. Ынах сүөһүнү иитии элбииригэр, кыстыкка бэлэмнэниигэ үчүгэй күн-дьыл туран биэрэригэр баҕарабын. Дьолу-соргуну! Биһиги күүспүт түмсүүгэ буолар.
— Сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал, Николай Петрович!
Ньургун Романов, VIII кылаас, Виктория Кычкина, VI кылаас,
«Эрчим» медиакиин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү
