Мин бастакы чиэппэри ситиһиилээхтик түмүктээн, иккис чиэппэргэ үктэнним. Лиссиэйбэр олус үчүгэй учууталлар эйэҕэстик үөрэтэллэр. Манна ордук үөрэххэ болҕомтону уураллар, кинигэни элбэхтик аахтараллар. Саамай сөбүлүүр биридимиэттэрим — саха тыла уонна математика.
Үөрэҕим таһынан араас куруһуоктарга уонна успуорка дьарыктанабын. Билигин ох саанан ытыыга уонна волейболга сылдьабын. Сэтинньи 24–27 күннэригэр күрэхтэһии буолан ааста, оттон сотору кэминэн хамаанданан ох саа лааҕырыгар барыахпыт. Лиссиэйгэ киириэхпэр диэри үҥкүүнэн дьарыктанар этим. Төрдүс кылааска сылдьан, кэлэктииппитинэн куоракка «Арабеск» турнирга кыттыбыппыт. Онно классическай үҥкүүнү толорон, Кылаан чыпчаалы ылбыппыт.



Иллэҥ кэммэр иистэнэрбин, туойунан уонна гиипсэнэн араас оҥоһуктары оҥоробун, оҕуруо тиһэбин, ас астыыбын. Бу сайын эдьиийим уруутугар бэйэм оҥорбут гиипсэ оҥоһуктарбын бэлэхтээбитим. Ону таһынан Саҥа дьыл саҕана оҥоһуктарбын атыылыыбын. Сайынын бэлэсэпиэт тэбэрбин уонна сөтүөлүүрбүн туохтааҕар да ордоробун.
Оҕолоор, Саҥа дьыл чугаһаата! Бары бииргэ үөрэхпитигэр кыһаллыаҕыҥ!
Арина Никонова, V «А» кылаас, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйэ
