Улахан-Аан нэһилиэгин эр дьоно субуотунньуктарга көхтөөхтүк кытталлар. Бу күннэргэ тыалтан охтубут уонна сааһыран сууллубут мастары хомуйан, сири ыраастаатыбыт. Маннык үлэ нэһилиэк таһын ыраастыыр эрэ буолбатах — дьону бииргэ түмэр, эппиэтинэһи уонна үлэҕэ тапталы иҥэрэр үтүө үгэс буолар.
2-с Малдьаҕар орто оскуолатын улахан кылааһын уолаттара тэҥҥэ сылдьыһан көмөлөстүбүт. Тэрилтэ үлэһиттэрэ мустан бииргэ үлэлээтибит. Ыраас нэһилиэк — барыбыт эбээһинэһэ.



Влад Громов, М.Е.Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, «УОТ» медиакиин
