Саха литературатыгар 30-с сыллартан саҕалаан 90-с сылларга диэри айымньылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлээбит суруйааччылартан биирдэстэринэн саха норуодунай суруйааччыта, «Бэлэм буол» («Кэскил») оҕо хаһыатын эрэдээксийэтигэр өр сыл үлэлээбит Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа буолар.
Амма Аччыгыйа литература араас жанрыгар үлэлээбитэ. Кини хоһооннору, кэпсээннэри, пьесалары, очеркалары, сэһэннэри суруйара. Ааптар хоһоонноругар төрөөбүт дойду кэрэтин, айылҕатын мааны көстүүтүн хоһуйан суруйбута.
Амма Аччыгыйа 1927 сыллаахха суруйбут «Ийэ» диэн хоһоонуттан саҕалаан айар тыл умсулҕаныгар ылларбыта. Онтон утуу-субуу «Маҥнайгы учууталбар», «Кыһыл саллаат», «Баҕарыы», «Сайыҥҥы түүн», «Өйдөөтүм» уонна да атын хоһоонноро тахсыбыттара. «Маҥнайгы учууталбар» диэн норуокка биллибит хоһооно киэҥник тэнийбит ырыа буолбута.
Мин Николай Егорович Мординов «Самыыр» диэн кылгас этиилэрдээх хоһоонун оҕолорго билиһиннэриэм. Бу кыракый айымньы саха киһитигэр элбэҕи этэр. Хоһоон бастакы устуруокаларын аахтаххына, өйгүнэн-санааҕынан саха киэҥ нэлэмэн алааһыгар тиийэҕин. Сайыҥҥы чаҕылхай ыраас күн хараххар көстөн кэлэр. Ол кэнниттэн бастакы ардах чинчитэ биллэр — ол көһөҥө былыт халлааҥҥа тэнийэн тахсыбытыгар көстөр. Ардах түһэн курулатар. Тыал кэлэн былыты үүрэр. Ардах бүппүтүгэр туйаарар чыычаах үөрэр. Хоһооҥҥо ардаҕы ойуулааһын хаартыскаҕа түһэрэн ылбыт курдук чопчу хоһуйуллубут.
Бу хоһооҥҥо лирическэй дьоруой суох эрээри, айылҕа биир ураты көстүүтүн — ардаҕы — сөҕө-махтайа көрөн турар киһи аттыбытыгар баар курдук. Ардах кэмигэр киниэхэ үөскээбит иэйииттэн хоһоон суруллан тахсыбыт диэн өйдөөтүм. Хоһооҥҥо күн, алаас, түптэ буруота, былыт, самыыр, тыал, ньургуһун, туйаарар ойууламмыттар.

Уус-уран ньымалар хото туттуллубуттар:
- Эпитет элбэхтик туттуллубут: төрөөбүт алааһым, сандаарар чаҕыл, ийэккэ дойдум, көһөҥө былыт, ыаммыт былыт, чаҕыллар күн, нуоҕайа ньургуйар ньургуһун, күлүмнүүр таммах. «Ийэккэ дойдум» диэн тыл ситимин поэт ураты эйэҕэстик, истиҥник туттубут.
- Метафора туттуллубута хоһоону сэргэхситэн биэрэр: алааһым «таалалаан сытта» (алаас дьэрэкээн өҥүнэн күн уотугар тэлгэнэ сытар), күммүт «үөрдэ» (күн күүскэ тыкта), ньургуһун «көтөҕөн хаалла» (ардах кэнниттэн сибэкки сэргэхсийэн көнөр), туйаарар «туойда» (чыычаах ыллыыр).
- Тыыннааҕымсытан көрдөрүү хоһоону тыынныыр, хамсатар курдук: самыыр «үҥкүүлүү түстэ», тыал «тырыта тыытта».
Амма Аччыгыйа «Самыыр» хоһоонун ааҕан, ырытан көрөн бараммын манныгы бэлиэтээтим:
- хоһоонунан ааптар ааҕааччыны кытта бэйэтин иэйиитин үллэстэр уонна тулалыыр эйгэни, онно буолар уларыйыылары, айылҕа эгэлгэ көстүүтүн ылынарга, төрөөбүт дойдуну таптыырга үөрэтэр;
- тэттик хоһооҥҥо уус-уран ньымалар хото туттуллан, хоһоон сүрүн санаата ааҕааччыга тиийэригэр көмөлөһөллөр.
Мин бу хоһоону ааҕан баран, худуоһунньук уустаан-ураннаан ойуулаабыт хартыынатын көрбүт курдук сананным.
Виктория Кычкина, VI кылаас,
«Эрчим» медиакиин, Дүллүкү орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү
