Сэтинньи 19-20 күннэригэр Ньурба улууһугар оройуоннааҕы «Учитель года-2026» күрэх буолан ааста.

А. Н.Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лиссиэйб чиэҺин ОБиЗР уонна физкультура учуутала Марк Егорович Иванов көмүскээтэ. Икки күн ситиһиилээхтик кыттан «Лучший практико-ориентированный мастер-класс» диэн анал ааты ылары ситистэ. Ону таҺынан Ньурбатааҕы техникум анал бирииҺин хаҺаайына буолла.



Учууталбыт Марк Егоровичка үрдүк ситиҺиитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна кининнэн киэҥ туттабыт! Баҕарабыт айымньылаах үлэтигэр өссө үрдүк чыпчааллары, ситиһиилэри!



Хаартыскаҕа түҺэрдилэр, видеоҕа уһуллулар Айлана Никифорова уонна Нария Егорова. Ньурбатааҕы техлиссиэй «Объектив» медиакиин.
Сонуну суруйда Нария ЕГОРОВА
#кэскилмедиаоскуола #кэскил #ньурба #нтл #учительгода
Кэскил14.ру