Биһиги оскуолабыт улахан кылааһын актыбыыс үөрэнээччилэрэ кырачаан бырааттарыгар, балтыларыгар анаан «Үтүө санаа уонна куттала суох буолуу уруоктара» диэн дириҥ ис хоһоонноох, олус туһалаах тэрээһини ыыттылар.
Көрсүһүү сүрүн сыалынан оҕолорго остуоруйа нөҥүө үтүө быһыыны-майгыны, бэйэ-бэйэҕэ эйэҕэс, көмөлөһөр сыһыаны иҥэрии, ону сэргэ күннээҕи олоххо сэрэхтээх уонна куттала суох буолуу быраабылаларын судургутук, өйдөнүмтүөтүк тиэрдии буолла.
Улахан кылаас оҕолоро бу көрсүһүүгэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, кырачааннарга аналлаах интэриэһинэй остуоруйалары талан, олус иэйиилээхтик уонна уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр. Остуоруйа дьоруойдарын холобурдарыгар олоҕуран, оҕолор туох үчүгэйин, туох куһаҕанын, ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах сөпкө дьаһаныахтаахтарын, билбэт дьонтон хайдах сэрэниэхтээхтэрин уонна доҕордоһуу сыанатын туһунан кэпсэттилэр.
Кырачааннар улахан убайдарын, эдьиийдэрин болҕойон иһиттилэр, остуоруйа ис хоһоонунан ыйытыыларга көхтөөхтүк хоруйдаатылар уонна бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Маннык истиҥ көрсүһүүлэр улахан уонна кыра саастаах оҕолор икки ардыларыгар сибээһи бөҕөргөтөллөр, улахан оҕолорго эппиэтинэстээх буолууну, оттон кыраларга үтүө холобуру үөскэтэллэр.
Тэрээһин олус сэргэхтик, истиҥ эйгэҕэ ааста уонна хас биирдии оҕоҕо үтүө өйдөбүлү хаалларда.


Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
