Бу чиэппэргэ мин төрөөбүт литератураҕа уонна нуучча тылыгар болҕомтобун ууруох тустаахпын. Ийэм хараҕын далыгар сылдьабын, ол эрээри кини көрдөҕүнэ соччо-бачча кыһаллыбат курдукпун. Онон өссө кыһаллан, араас күрэхтэһиилэргэ кытта сатыахтаахпын.
Мин дьиэҕэ киирэн кэллэхпинэ, дьиэбит наар минньигэс ас ссытынан туолбут буолар. Дьиэ ып-ыраас, кылбаччы сууйуллубут муостатынан хаамтахпына, тута дууһам үөрүүнэн туолар. Остуолга өрүү толору ас тардыллыбыт буолар. Күнү быһа үлэлээн тахсар ийэкэм сэниэтэ тиийэринэн барыбытыгар кыһаллар.
Ийэм миигин көрдөҕүнэ наар үөрэн тахсар. Мин кинини көрдөхпүнэ, саамай чугас киһим ханнык да түгэҥҥэ миигин быраҕыа суоҕа диэн эрэнэбин. Кини өрүүтүн миэхэ кыһаллар. Ийэм итэҕэлин толорор, үөрүүтүн үксэтэр туһуттан үчүгэйдик үөрэнэ сатыахтаахпын.


Биһиги дьиэ кэргэммитигэр төрдүөбүт. Ийэлээх аҕам биһиги үөрэхтээх дьон буоларбыт туһугар ханнык баҕарар хайалары дабайыахтара, моһоллору кыайыахтара-хотуохтара. Онуоха биһиги кинилэри түһэн биэримээри, үчүгэйтэн-үчүгэйгэ тардыһа сатыыбыт.
Иван Петров,
VIII «А» кылаас, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй
