Тааттатааҕы лиссиэйгэ идэни талыыга киэҥ өрүттээх үлэ ыытыллар. Сэтинньи 18 күнүгэр лиссиэйбит техническэй хайысханы дириҥэтэн үөрэтэр IX «В» кылааһын үөрэнээччилэрэ, иккис сылбытын үлэлиир «Инженер идэтин эйгэтэ» бырайыакпыт чэрчитинэн, Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй колледжка баран ыалдьыттаан кэллибит. Биһиги инженер идэтин талан, олохпутун бу эйгэҕэ туһулуохпут иннинэ, техническэй идэлэргэ барыларыгар акылаат буолар сатабыллары үөрэтиэхтээхпит, бу эйгэни торумнуур идэлэр тустарынан үгүһү билиэхтээхпит диэн сыаллаах маннык айанныыбыт, ыырбытын кэҥэтэбит.
Чурапчы колледжыгар агропромышленнай комплекс тирэҕэ буолар сүрүн идэлэри 9-с уонна 11-с кылаас кэнниттэн бэлэмнииллэр. Манна устудьуоннар автомеханика, электрика, слесарнай дьыала, сварка бары көрүҥэ, теплотехника уонна теплотехническэй оборудование, агрономия, ветеринария, ону тэҥэ араас химическэй анаалыс курдук уустук эйгэлэргэ уһуйуллан тахсаллар эбит. Үөрэх бу хайысхаларыгар ыытыллар араас сатабыллар күрэхтэригэр, научнай-чинчийэр, бырайыактыыр түһүлгэлэргэ уонна идэ чөмпүйэнээттэригэр бэйэлэрин холонон, чаҕылхай ситиһиилэнэллэр.
Колледж улахан грантовай куонкурустарга кыайан, аныгы тэриллэринэн толору сэбилэммитин көрөн сөхтүбүт. Ол курдук, лазернай станоктардаах цифровой лаборатория, электроннай уонна цифровой тэриллээх ветеринарнай, агроинженернэй лабораториялар, автомеханическай, слесарнай, сварочнай бокстар уонна мастарыскыайдар толору үлэлии тураллар эбит. Биһиги наһаа сэргэх, туһалаах лиэксийэлэргэ, практикумнарга, маастар-кылаастарга сылдьан үгүһү биллибит.







Айаммытын түмүктээн, Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойугар сырыттыбыт. Ыаллыы Чурапчыбыт олоҕун остуоруйатын кытта билсэн кэллибит, Сир планета баар буолуоҕуттан саҕалаан, куйаар кэрчик кэмин хабан туран, палеонтологическай, археологическай, этнографическай экспонаттары сөҕө көрдүбүт. Түмэл интерактивнай, цифровизацияламмыт пуондатын кэрэхсээтибит. Оннооҕор XIX үйэтээҕи суорунаҕа Чурапчы сэлиэһинэйин тардан бурдук таһааран, алгыс ыллыбыт. Түмэл үлэһиттэрэ күннэтэ сүдү үлэни оҥорон, олохпут историятын, аар айылҕабыт тыынын харыстаан илдьэ сылдьалларын олус биһирээтибит.
Бүгүҥҥү кэрэхсэбиллээх айаммытын тэрийсибит дьоммутугар: Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэригэр Альберт Семеновичка, дириэктэри солбуйааччыларга Анна Константиновнаҕа, Анна Дмитриевнаҕа, сымнаҕас айаннаах суоппардарбытыгар Валентин Николаевичка, Геннадий Пантелеймоновичка, Чурапчытааҕы колледж методиһыгар Анна Николаевнаҕа, бары уһуйааччыларыгар, Чурапчы түмэлин үлэһиттэригэр, арыалласпыт учууталбытыгар Элеонора Ньургууновнаҕа уонна күндү төрөппүттэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Саҥаны арыйыы — сайдыы төрдө!
9 «В» кылаас үөрэнээччилэрэ,
кылаас салайааччыта Оксана Мировна, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй
