Бэҕэһээ, сэтинньи 19 күнүгэр, Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа «Ааҕар дьиэ кэргэн – ааҕар норуот» диэн бырайыак чэрчитинэн «Биир дьиэ кэргэн курдук» диэн девизтээх тэрээһин буолан ааста. Манна Дьокуускай куорат элбэх оҕолоох ыаллара уонна уопсастыбаннас көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу үлэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин 809 №-дээх Ыйааҕын чэрчитинэн ыытыллар. Бырайыак көҕүлээччилэрин үтүөлэринэн, SMART-библиотекаҕа ааҕыыны сайыннарыыга улахан тэтим бэриллэн, оҕо уонна дьиэ кэргэн ааҕыытын кыһалҕатын быһаарыыга сүҥкэн хардыы оҥоһулунна.
Дьокуускай куорат кииннэммит библиотечнай ситимин дириэктэрин солбуйааччы Лада Кириллина ыаллары хаһан да тохтообокко ааҕа туралларыгар баҕарда:
«Маннык куонкурустар олус улахан суолталаахтар, кинилэр дьиэ кэргэни бөҕөргөтөллөр. Саха сирэ Бүтүн Арассыыйа таһымыгар саамай ааҕар эрэгийиэнинэн ааттаммыта мээнэҕэ буолбатах», – диэн бэлиэтээтэ кини.
Оттон СӨ Дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева бу бырайыак «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыттан саҕаламмытын истиҥник аҕынна:
«Бу бырайыагы биһиги „Кэскил“ оҕо издательствотыгар саҕалаабыппыт, оччолорго бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн кэлбиттэрэ. Ааҕыы хас биирдии ыалга, киһи билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр олус наадалаах. Бырайыак өссө да элбэх сыл салҕана турдун. Бары бырайыактар эһиги тускутугар, кэлэр көлүөнэ туһугар оҥоһуллаллар. Оҕо куонкурустарга кыттыбытын олоҕун тухары өйдүү сылдьар», – диэтэ кини.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова оҕолорго уонна төрөппүттэргэ туһаайан маннык эттэ:
«Күндү оҕолор! Ааҕар киһи ханнык баҕарар идэни баһылыыр кыахтаах буолан ситиһиилэнэр, кини толкуйа уонна дьону кытта кэпсэтэр дьоҕура баай буолар. Бүгүн биһиги иннибитигэр төрөөбүт тылларбытын харыстыыр олус улахан сорук турар. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ сөбүлүүр кинигэлээх буоларгытыгар баҕарабын».
Ону тэҥэ, көрсүһүү кэмигэр уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ санааларын үллэһиннилэр. Холобур, суруйааччы Анастасия Дарбасова ааҕыы нөҥүө оҕо муудараһы иҥэринэрин, оттон ааҕар оҕону кэтээн көрөн кини ис туругун, майгытын билиэххэ сөбүн бэлиэтээтэ.
Тэрээһин биир саамай долгутуулаах түгэнинэн ааҕар дьиэ кэргэннэри бэлиэтээһин буолла. Ол курдук, куонкурус номинацияларыгар маннык ыаллар ааттаннылар:
• «Биһиги дьиэ кэргэн кинигэтин долбуура» – Неустроевтар дьиэ кэргэннэрэ;
• «Дьиэ кэргэн ааҕар күннүгэ» – Оконешниковтар дьиэ кэргэннэрэ. Оконешниковтар ийэлэрэ маннык диэн истиҥник бэлиэтээтэ:
«Оҕолор ааҕыллыбыт бары кинигэлэри өйдөөбөтөхтөрүн да иһин, төрөппүттэрин тапталын, болҕомтотун уонна истиҥ өйдөбүллэри илдьэ хаалаллара чахчы уонна туохтааҕар да сыаналаах».
• «Дьиэ кэргэнинэн дорҕоонноохтук ааҕыы» – Ивановтар дьиэ кэргэннэрэ;
• «Сөбүлүүр айымньыны туруоруу (инсценировка)» – Сивцевтэр дьиэ кэргэннэрэ.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бырайыак төрүттэниэҕиттэн ыла өйөөн, бу да тэрээһиҥҥэ сүрүн партнер быһыытынан кытынна. Тэрээһини СӨ Уопсастыбаннай палаатата, SMART-библиотека, «Арассыыйа дьиэ кэргэнэ» кэмитиэт Саха сиринээҕи салаата, «Дьоллоох эйгэ» элбэх оҕолоох ийэлэр сэбиэттэрэ уонна СӨ Дьахталларын сойууһа тэрийэн ыыттылар, оттон «Бастакылар хамсааһыннара» уонна «ТООКУ» оҕо телеканала партнердаатылар.







Кэскил14.ру
