Хабырыыс Ондороос «Боотур буолуом» диэн хоһооннорун хомуурунньуга 2023 сыллаахха Дьокуускай куоракка «Айар» кинигэ кыһатыгар тахсыбытын сэҥээрэ көрдүм. Сүүрбэ үс сирэйдээх кинигэ иһин-таһын ойуутун Николай Мочкин ис киирбэхтик уруһуйдаабыт. Кинигэни оҕо тутан-хабан көрдөҕүнэ тута ылынар, тоҕо диэтэххэ хас биирдии уол оҕо ис иһиттэн «боотур» буолар баҕа санаалаах.
Ааптар араспаанньата Андросов диэн эбит — мин араспаанньабын кытта үүт-үкчү. Дьоммуттан ыйыталаһан билбитим, Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх суруйааччы, «Чолбон» сурунаал cүрүн редактора эбит. Кырдьыга даҕаны, кини биһиги лицейбитигэр хаста да кэлэ сылдьыбыта. Улахан кылаас оҕолорун кытта көрсүһүүтүгэр убайбар сахалар хантан айаннаан кэлбиттэрин кэпсээбит эбит. Ол иһин бу кинигэни ааҕарга быһаарыммытым.
Кинигэ аан тылыгар ааптар тыа сирин уол оҕотун көмүскэс сүрэхтээх, хорсун, күүс-көмө, омук кэскилэ диэн бэрт оруннаахтык быһаарар. Биллиилээх тустууктары Павел Пинигини, Роман Дмитриевы уонна кинилэр тренердэрин Дмитрий Коркины кытта ситимнээх «Триумф» дыбарыас аттыгар уол хаҥкылыы сылдьара ойууламмыт. Мичээрдээбит уол эрэллээхтик иннин диэки сыал-сорук оҥостон көрүүтэ ааҕааччыны кэрэхсэтэр.
Бастакы хоһоон кинигэ аатыгар дьүөрэлии «Боотур буолуом» диэн, түөрт строфалаах, уон алта устуруокалаах. Манна Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа эһэтэ, аармыйаҕа сулууспалаабыт аҕата дойдуларын көмүскээбит суолларынан, тапталлаах ийэтин туһугар туруулаһар Боотур бэрдэ буоларга чопчу турунар санаа киирэр. Саха аатын үрдэтэн, саа тутан, чиэс биэрэргэ эппиэтинэстээх буолуу ирдэнэр. Орто дойдуга сэрии хаһан да буолбатар ханнык диэн этиллэр. Уруһуйга үс көлүөнэ дьон турар. Бары биир туһаайыыга көрөн, мэлдьи бэлэмнэр: ханнык даҕаны түгэҥҥэ түһэн биэрбэттэр.
«Кыракый Колумб» хоһооҥҥо уол дьиэтин тэлгэһэтиттэн тэлэһийэн сылдьар, билиэх-көрүөх баҕа санаата улаатан истэҕин аайы эбиллэр. Уунан устааччы Христофор Колумб Атлантическай акыйааны кыйа айаннаабытын курдук, кини эмиэ айанньыкка дьүөрэлии таҥаһын-сабын булунар. Уруһуйга хаартатын кыбыммытынан, остоох уһун саппыкылаах, сэлээппэлээх, сүгэһэрдээх, куомпастаах, дойдутун былааҕын ыларын умнубатах. Сирэйин-хараҕын олоруута саҥаны билэргэ, көрдүүргэ бэлэмин көрдөрөр. Аҕатын гарааһыттан маллары чинчийэр, ырыҥалыыр. Эрбэһин от — моһоллору бэлиэтиир символ уобарас. Эрэйи эҥээринэн тэлэн, хотоҥҥо кырдьаҕас бөтүүгү одуулаан сибикилиир, оҕуруокка ооҕуй оҕус илимин өйдөөн көрөр. Ийэтигэр күн аайы көмөлөһөн, үүнээйигэ уу кутар, бу күнү туһалаахтык атаарбытыттан дуоһуйар. Манна ааптар «дуоҕа» диэн былыргы тылы туттубут. Ону билээри тылдьыты хаһыспытым, саха былааҕын этэр эбит. Былаах диэн тылтан уратыта — дуоҕа диэн ордук дириҥ сиэр-туом, духуобунай уонна ытык суолталаах бэлиэни этэллэр.
«Балыксыт сиэнэ» хоһоонуттан эһэтэ эрдэ туран балыктыырын биллим. Сайынын туу көрөр. Балык арааһыттан собону, мундуну, күстэҕи уу иччитэ Күөх Боллох куруутун күндүлүүр. Алааска олорор ыалларыгар булдуттан бэрсэн амсатар. Төрүт ас амтаннааҕын мииннээн, үөлэн, үтэн минньигэстик сииллэр эбит. Мунду уол оҕоҕо муҥутуур күүһү, собо соргулаах өйү угар буолан, эһэтэ төрүкү күүстээх уонна өйдөөх буолбут. Эһэтин үтүктэн уол эрдэһит, муҥхаһыт, күөгүһүт буолар баҕа санаата баһыйар. Мантан өбүгэлэрбит бэйэлэригэр сөбүгэр көрөн балыктыыллар, уос-тиис тэҥҥэ үллэстэн, күө-дьаа сэргэхтик олорбуттарын биллим.
«Мэник ньирэй» хоһоон ойуутугар уол күрүө баҕанатыттан тутуһан олорон, мэник ньирэйи көрөн сэгэйэр. Халлааҥҥа ньирэй курдук былыт устар. Ньирэй бэйэтэ томторуктаах, арааската, күрээн ийэтин эмиийин иһиэн баҕарар. Маҥаас сирэйдээх ороһу оҕус бөлөнөх иһэрин сөбүлүүр. Бөлөнөх диэн күөх үүт суорат курдук хойдон хаалбыт үрүҥ ас. Килиэби көрдө да мэҥириир, оҕо курдук мэниктээн сүүрэкэлии оонньуон баҕарар. Туйаҕа сытыы буолан, кутуруга хоройуор диэри бырдааттана тилигириир.
«Үнүгэс» диэн ыты этэр эбит эһэтэ. Үрүгэн ыт булчут: куобахха, буур тайахха, саарбаҕа үөмэр сонордьут тахсар чинчилээх. Билигин хомуок саҕа бэйэтэ ас көрдөөн ыйылыыр, тотто да утуйан сыыгыныыр. Бэлиэ кутуруктаах, түөрт харахтаах булчут буолар дьылҕалаах.
«Эбэм куоската» эриэн дьүһүннээх, үс өҥнөөх: маҥан, хара, саһархай. Олоҥхоһут курдук курдьугунуур, бэйэтин атаҕастаппат, суоскалаах бытыылкаттан аһыырын сөбүлүүр. Уол оҕо куоска кутуругуттан тардан, кулгааҕар сарылаан, илиитин сытыы тыҥыраҕынан хайа тартаран бэйэтин хаһыытатар. Абытайдаах куосканы аны дьээбэлээбэтэ буолуо ээ.
«Удьуор уус» хоһоону аахтым да, харахпар Баайаҕаҕа баар «Мандар Кыһатын» ойуулаан көрдүм. Убайым онно сылдьан быһахтаах кэлбитэ. Уус туттар тэриллэрэ: балта, чочу, игии, эрбии, быһычча. Төрүт дорҕооннор кулгаахпар кутуллан киирэллэр: хоһоон, тойук, кэпсээн, хомус, уот-күөс тыаһа. Ханнык баҕарар уол оҕо быһахтаах буолуохтаах, мин эмиэ уус кыһатыгар баран үөрэниэм. Уол оҕоҕо аҕа оруола быдан күүстээх. Бу уол абыраммыт саха: кини тиэргэннээх, эһэлээх, эбэлээх, ийэлээх, аҕалаах, ыттаах, куоскалаах, оҕустаах, бөтүүктээх. Оттон мин таас дьиэҕэ кыбыллан олорон, тугу сатыамый?! Ол эрээри санаабын түһэрбэккэ, улааттахпына чааһынай дьиэлээх, тиэргэннээх, сүөһүлээх-астаах буолуоҕум.
Кинигэ бүтэһик хоһооно — «Айыы кыһатын үөрэнээччитин хоһооно». Айыы санаалаах, аан туманнаах тымныы тохсунньу ыйдаах саха уола үөрэҕи батыһар, сайын дэриэбинэҕэ кэлэн күүс-уох эбинэр, тыынын таһааран эрчимнээхтик хамсанар. Кинигэ кэннигэр баар куйаар-куодунан электроннай көрүҥүн эмиэ ааҕыахха сөп. «Айар» кинигэ кыһата уол оҕоҕо анаан таһаарбыт хоп курдук айымньыларын ааҕан олус астынным. Оҕолоор, эһиги эмиэ ааҕыҥ, олоххутугар туһалаах буолуо.

Дьулусхан Андросов,
VIII кылаас, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйэ
