Сэтинньи 19 күнүгэр айыы үөрэҕин түсчүтэ, биллиилээх суруналыыс, учуутал, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл «Айыы санаа кыһата» саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Тэрээһин Анатолий Николаевич үлэлээбит, тэриллиитигэр быһаччы кыттыспыт, ис хоһоонун, үлэтин-хамнаһын хайысхатын сүрүннэспит оскуолатыгар – Айыы Кыһатыгар – ыытылынна. Тэрийээччилэр сэтинньи 19 күнүн мээнэҕэ талбатахтар: бу күн 1954 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Анатолий Николаевич күн сирин көрбүтэ.
«Айыы Кыһата» национальнай гимназия дириэктэрэ, Арассыыйа үтүөлээх учуутала Лидия Шамаева:
Дабыл биһиги оскуолабытыгар үлэлии кэлиэҕиттэн кут-сүр үөрэҕин хайдах үөрэтэн, иитии тиһигэр киллэриэххэ сөбүн үөрэтэн-такайан барбыта. Биллэн турар, ону биһиги, тас билиинэн олорор дьон, ылынарбыт олус уустук этэ. Ол гынан баран, кинини өйүүр, өйдүүр дьон кини тула түмсэннэр, биһиги сыыйа-баайа тэрээһиннэргэ эрэ буолбакка, ол ис хоһоонун, сэһэнин бэйэбитигэр арыйан, күннээҕи олохпутугар туттан киирэн барбыппыт. Ол түмүгэр холумтан олордуута, «Олохсун» барыла оскуолабыт сэһэнэ буолан, бары тэрээһиннэрбит ол тиһиккэ киирэн, алгыһынан барар буолбуттара. Ол чыпчаала 2 тыһ. кэриҥэ төрөппүт, үөрэнээччилэр, учууталлар түмсэр ыһыахпытыгар буолар. Итини барытын кинигэҕэ үйэтитэр сыалтан Анатолий Николаевичка эппиппитин кини кылгас кэм иһигэр баар матырыйаалы барытын муһан, сааһылаан, наардаан кинигэ гынан оҥорбута. Бэчээккэ барарыгар экспертнэй хамыыһыйаны ааһар диэн буолбутугар улаханнык долгуйа сылдьыбыппыт, баҕар ол хамыыһыйаҕа Айыы үөрэҕин улаханнык билиммэт, ылыммат дьоҥҥо түбэһиэ диэн. Онуоха биһиги оскуолабыт концепциятын, ис хоһоонун хара маҥнайгыттан туруорсубут, биһиги доҕорбут Андрей Саввич Саввиновка этэммит, кини бу кинигэҕэ сыанабыл суруйан биэрбитэ. Сыл аҥаарыттан ордук кэм кэтэспиппит кэннэ бигэргэнэн, «Барҕарыы» национальнай пуондаттан үп-харчы көстөн, кинигэ «Айар» кинигэ кыһатыгар 3000 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ Анатолий Николаевич баарына тахсан, кинигэтин көрөн олус үөрбүтэ
— диэн киирии тылыгар эттэ, итиэннэ кинигэ тахсыытыгар төһүү, тирэх буолбут дьоҥҥо, СӨ Ил Түмэнин үөрэххэ уонна билимҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр Антонина Григорьеваҕа, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Сергей Местниковка дириҥ махталын биллэрдэ. Итиэннэ Лидия Петровна кут-сүр үөрэҕин, саҥа тахсыбыт кинигэ ис хоһоонун өйдөтөргө, үөрэтэргэ, тарҕатарга учууталларга, иитээччилэргэ, бары баҕалаахтарга анаан анал куурус, дьарык тэрийиэххэ сөп диэн санаатын үллэһиннэ.



Кинигэҕэ А. Н. Павлов – Дабыл сарсыҥҥылаах санааны, чаҕыл сырдыгы саҥар Айыы үгэһин сүрүн өйдөбүллэрин быһаарар, саха омук дириҥ, мындыр билиитигэр, айыы санаатыгар тирэҕирэн, олох үөрэҕин өйдөтөр. Тэрээһин кинигэ ис хоһоонун ырытыы, кут-сүр үөрэҕэ Айыы Кыһатыгар хайдах быһыылаахтык үлэлии турарын көрдөрүү быһыытынан ыытылынна. Ол курдук, бастаан сэтинньи ый холумтанын олордуу сиэрэ-туома, мустубут дьон уонна үөрэнээччилэр кыттыылаах буолла. Саха тылын, литературатын учууталлара ыйдарынан туомнар кылаастарга хайдах ыытыллалларын кэпсээтилэр, кут-сүр үөрэҕин оҕо аймахха иҥэрии, иитии туһунан санааларын эттилэр.



Тэрис уонна Дабыл иккиэн холбоһоннор, күүстээх үлэни ыытаннар Айыы үөрэҕин саха омугар төнүннэрдилэр диэн этиэххэ наада. Саха санаатын муҥутуур чыпчаала буолбут Айыы санаата бүтүннүүтэ бу кинигэҕэ киирэ сылдьар. Аны туран Айыы үөрэҕэ уонна Айыы итэҕэлэ диэн баар. Киһи ылла да бу кинигэни ааҕан кэбиһэр кыаҕа суох, өр кэм устата, 10-20 сыл устата эһиги илдьэ сылдьан иҥэн-тоҥон истэххитинэ, кэҥээн, дириҥээн иһиэҕэ
— диэн философия билимин дуоктара Андрей Саввич Саввинов бэлиэтээтэ.



Айыы Кыһатын учуутала Уруйдаана Павловна Харитонова
Омос көрдөххө, барыта олус үчүгэй, оҕолор ыллыылларын-туойалларын курдук. Эрээри, элбэх ыарахаттары ааспыппыт. Сылтан сыл наһаа элбэх үлэ барбыт эбит диэн көрөбүн. Көннөрү тэрээһиннэринэн эрэ оҕолору иитэ сатаабакка, оҕо төрөөбүт тылынан өйү-санааны тобуларын ситиһэ сатыыбыт. Ону предметник учууталлар, кылаас салайааччылара араастык мындырдаан киллэриэхтэрин сөп. Бу үөрэҕи ханнык баҕарар предмеккэ сыһыарыахха сөп. Холобур, холумтан олордуутун сиэрэ-туома музыка уруогуттан иитиллэн, үөскээн тахсыбыта. Барыта учууталтан тутулуктаах
— диэн санаатын үллэһиннэ.
Итиэннэ кинигэ сүрэхтэниитигэр Дабылы кытта быһаччы алтыспыт, киниэхэ үөрэммит, бииргэ үлэлээбит дьоно, биир дойдулаахтара – кут-сүр түсчүтэ Ирина Лукина – Уйусхаана, Дьокуускай куорат дууматын дьокутаата Владимир Ю, физика-математика билимин дуоктара Ньургун Лазарев, Анатолий Николаевич үлэлии сылдьыбыт Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин дириэктэрин солбуйааччыта Лена Федорова уо.д.а. кини туһунан истиҥ ахтыылары оҥордулар, саҥа кинигэ туһунан санааларын эттилэр. Түмүккэ Анатолий Николаевич кэргэнэ Павлова Маргарита Никифоровна, кыыһа Ульяна Анатольевна тэрээһин кыттыылаахтарыгар, тэрийээччилэргэ, Дабылы өйөөбүт, өйдөөбүт дьоҥҥо махталларын тиэртилэр.
Кэскил14.ру