«Быраапкын туһанаргар эйиэхэ сөптөөх көмө» нэдиэлэ чэрчитинэн история уруоктарыгар интеллектуальнай баттл буолан ааста.
Ахсыс кылаастарга күрэх «Туох? Ханна? Хаһан?» оонньуу киэбинэн ыытылынна. Тэрээһин сүрүн сыала — үөрэнээччи бэйэтин быраабын сиэрдээхтик туһанарыгар үөрэтии. Оҕолор дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт түбэлтэлэргэ олоҕуран, быраап нуормаларыгар тирэҕирэн, сокуон хараҕынан сөптөөх хоруйу биэрэн, чахчыларынан итэҕэтэр сорудахтары толордулар. Саҥа пааспардаммыт Арассыыйа гражданиннара бэриллибит эриэхимэй соруктары чиэстээхтик толордулар, тургутууну этэҥҥэ аастылар.




Кытаанах өй-санаа киирсиитин кэнниттэн түмүк маннык буолла:
- Кыайыылаахтар: 8 «Б» кылаас кыргыттарын «Времена» хамаандата.
- Призердар (II–III миэстэлэр): 8 «Б» кылаас уолаттарын «Ярославль» уонна 8 «В» кылаас «Банка фасоли» хамаандалара.
Оҕо интэриэһин тарпыт история учууталларыгар махтанабыт. Бэйэ быраабын билии — бу дьоһуннаах!
Никита Дягилев, Х кылаас, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйэ
