Күн аайы дьиэбиттэн оскуолаҕа сатыы барабын. Тыа быыһынан хааман-сиимэн, сибиэһэй салгынынан толору тыынан чэбдигирэбин. Атаҕым аннынан хаар тыаһыгар уйдарабын — бэйэтэ туспа муусука курдук иһиллэр. Кыһыҥҥы кэми олус сөбүлүүбүн. Ордук хаар тыаһын суохтуубун.
Диана Бродникова, IV кылаас, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйэ