Сэтинньи 20 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатыгар кыргыттарга “Иис түһүлгэтэ” буолла.

Бу тэрээһини «Эбээ, эһээ кыһата» диэн нэһилиэк кырдьаҕастарын түмсүүтэ иилээн-саҕалаан, алын кылаастарга уонна орто-улахан сүһүөхтэргэ маастар-кылаастары көрдөрдүлэр, үөрэттилэр. Билиҥҥи үйэҕэ оҕолор төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ эрэ буолбакка, иистэнэри уонна уһанары интэриэһиргииллэр эбит. Иистэнии киһини тулуурдаах, болҕомтолоох буоларга үөрэтэр. Тэрээһин ыалдьытттара: Ларионова Марианна Семеновна, Ларионова Евдокия Асклиновна уонна Роббек Елена Спиридоновна маастар кылаас көрдөрө-көрдөрө сиһилии кэпсээтилэр, оҕолорго көмөлөстүлэр.Суон баайыы сабынан дьэрэкээн тымырдаайылары өрдүбүт. Кыргыттар бэйэлэрэ аҕалбыт матырыйааллара: суон сап, кыптый, булавка (испииҥкэ), зажим, скотч.Уопсайа 14 кыыс баара, алын кылаастан саҕалаан улахан кылаас кыргыттара кэлэн кыттыыны ыллылар. Кыралар салама -томторук оҥорбуттара.

Дьячковская Мирослава 8 кылаас үөрэнээччитэ :
Бүгүн мин элбэҕи биллим-көрдүм. Сабынан тымырдаайыны өрөргө үөрэнним.Өссө эбии тугу эмитэ баайарга үөрэниэхпин баҕарабын. Кыргыттарга баҕа санаам диэн, иискэ сыһыаннаах буолуҥ, олоххо саамай наадалах иис буолар.Бу эмиэ айар үлэ биир көрүҥэ буолар
Архипова Аэлита 7 кылаас үөрэнээччитэ:
Иис түһүлгэтиттэн элбэҕи биллим, хайдах быһыылаахтык тымырдаайыны өрөрү сатаатым. Бэйэм эмиэ иистэнэрбин сөбүлүүбүн.Кыргыттарга элбэх иискэ сыһыаннаах маастар-кылаастар наһаа наадалар.
“Иис түһүлгэтэ” биһигини доҕордуу буоларга, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөргө уонна кэрэни айарга угуйар. Күндү «Кэскил» хаһыат ааҕааччылара, эһиги эмиэ иистэнэргэ холонуҥ, саҥаттан саҥа сатабыллары баһылааҥ!
Борисова Сардана, IХ кылаас, С.З.Борисов аатынан Тыыллыма
орто оскуолатын «Урсун» медиа-киинин кэрэспэдьиэнэ
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Солдатова Снежана, IХ кылаас үөрэнээччитэ
Кэскил14.ру