Ханнык баҕарар омук бэйэтэ киэн туттардаах, дьоҥҥо кэпсиирдээх буолар. Биһиги, сахалар, оннук киэн туттуубут — олоҥхо. Олоҥхону сүрүн чинчийээччилэринэн, тарҕатааччыларынан Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай, Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Васильевич Илларионов, Иннокентий Васильевич Пухов буолаллар.
Олоҥхонон иитии мин «Сулусчаан» уһуйааҥҥа сылдьар кэммиттэн саҕаламмыта. Сарсыарда аайы дорооболоһорго «Аламай күн сыламынан!», киэһэ дьиэбитигэр барарбытыгар «Көрсүөххэ диэри!» диэн иитээччилэрдиин, оҕолордуун үөрэ-көтө арахсарбыт. Күнүс олоҥхо истэн баран утуйарбыт. Кэлин бэйэбит олоҥхону толорорго холоммуппут. Мин Батастаан Баатыр оруолун толорбуппунан киэн туттабын. Бастаан биэс лиистээх тыл биэрбиттэригэр сатаан үөрэтиэм суоҕа диэн санаарҕаабытым. Ол эрээри аҕыйах күн үөрэтээт, өйбөр түргэнник киирбититтэн ийэм да соһуйбутун өйдүүбүн. Олоҥхо тыла уустук курдук эрээри, киһи өйүгэр түргэнник хатанар, ырыа тылын курдук бэйэтэ киирэр эбит дии санаабытым.
Саамай сөбүлээн истибитим «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» уонна «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхолор буолаллар.
Олоҥхо — баай фантазиялаах, ураты умсулҕаннаах, уус тыллаах айымньы. Олоҥхоһут сири-дойдуну, дьиэни-уоту, дьүһүнү-бодону истээччи хараҕар көстөн кэлэрдии уус-уран тылынан сиһилии ойуулуур. Барытын тэҥнээн, омуннаан хоһуйар. Кылгатыллыбыт, оҕолорго анаммыт ойуулаах кинигэлэри көрө-көрө истэр быдан үчүгэй этэ. Оттон балаҕаҥҥа көмүлүөк оһох умайа турдаҕына, сибиэһэй алаадьыны мотуйа-мотуйа, тэллэххэ элбэх буолан олорон истэр эйгэни ордук сөбүлээбитим.
Хас биирдии саха оҕото, саатар, олоҥхо сүрүн тутулун билиэхтээх дии саныыбын. Ол курдук маннык өйдөбүллэр хас биирдии саха киһитигэр баар буолуохтаахтар. Бу биһиги төрүт итэҕэлбит буоларын өйдүөхтээхпит.
Олоҥхо сүрүн тылдьыта:
- Ийэ олоҥхоһут — бэйэтэ айан тутатына толорор уһулуччу талааннаах киһи.
- Аан ийэ дойду -Үөһээ, Орто, Аллараа дойдуларга арааран Айыы дьонун үтүө уонна мөкү өттүлэрин көрдөрөр киэҥ куйаар.
- Үрүҥ Аар Тойон — Үөһээҥҥи айыылар аҕа баһылыктара.
- Күрүө Дьөһөгөй Тойон — сылгы таҥарата.
- Иэйиэхсит Хотун — киһини араҥаччылыыр, харыстыыр айыы.
- Айыыһыт Хотун — төрүүр, үөскүүр, үүнэр-сайдар айыыта.
- Дьылҕа Хаан — киһи дьылҕатын быһаарар айыы.
- Улуу Суорун — ойуун, уус эбэтэр эмчит идэтин биэрэр айыы.
- Аан Алахчын Хотун — сир-дойду иччитэ.
- Баай Байанай — ойуур, тыа, булт иччитэ.
- Хатан Тэмиэрийэ — уот иччитэ.
- Аал Луук Мас — Аан дойду киинигэр үүнэр баараҕай ытык мас.
- Кырдал — аҕыйах мастаах үрдүк сир.
- Алаас — тыа тулалаах, ортотугар күөллээх хонуу сир.
- Сыһыы — киэҥ ыраас сир.
- Чыпчаал — саамай үрдүк сир.
- Очуос таас — туруору үрдүк таас хайа.
- Урааҥхай саха — былыргы саха бэйэтин ааттаныыта.
- Аар тойон аҕа — аҕаны ытыктаан ааттааһын.
- Күн күбэй ийэ — ийэни күндүргэтэн, таптаан ыҥырыы.
- Куйах — бухатыыр кыргыһыыга көмүскэнэр тимир хаххата.
- Дуулаҕа бэргэһэ — бухатыыр кыргыһыыга кэтэр тимир бэргэһэтэ.
- Кылыс — уһун сытыы сэрии сэбэ (быһах).
- Кыын — туттубат кэмҥэ быһаҕы угар хаа.
- Дүҥүр — ойуун кыырарыгар охсон тыаһатар тэрилэ.
- Битииһит — ытык үҥкүүнү толорооччу (үҥкүүһүт).
Мин санаабар, бу олоҥхоҕо баар тыллар суолталарын биллэххэ, саамай сүдү айымньыбытын — олоҥхону өйдүүр быдан дөбөҥ буолуо этэ. Биһиги олоҥхобутун үөрэтэр, харыстыыр уонна үйэтитэр соруктаахпыт.
Постников Евсей, Х «А» кылаас, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйэ
