Оскуолабыт 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө библиотекабытыгар «Алыптаах дойду» диэн дьикти ааттаах ааҕыы муннуга үөрүүлээх арыллыытын тэрээһинигэр элбэх кинигэни, оҕо бэчээтин сэҥээрээччилэр, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр, учууталлар кыттыбыттара. Ол курдук, «ДТК- Центр чтения» дириэктэрэ Ирина Александровна Дранаева, «Кэскил» хаһыат уонна «Чуораанчык» сурунаал эппиэттиир сэкиритээрдэрэ Прокопий Софронеев уонна Николай Андреев, «Айар» издательство үлэһитэ, оскуолабыт выпускницата Наталья Данилова, «Кэрэ» маҕаһыын үлэһитэ, төрөппүт Кристина Саввична Старостина, волонтёр эбээ Нарыыйа кыттыыны ылбыттара, эҕэрдэлээн туран, бу оҕо үүнэригэр-сайдарыгар, билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр наадалаах Ааҕар муннук тэриллибитин астынан туран бэлиэтээбиттэрэ.

Ордук улахан сэҥээриини, болҕомтону эбээ Нарыыйа «Бэлиэ күн үгэһэ» диэн ааттаах ааптарскай халандаары ылла. Манна барыта ыйынан араарыллан, хас күнүнэн бэлиэ күннэр, сахалыы ааттар суруллубуттара, араас өҥүнэн, уруһуйунан киэргэтиллибиттэрэ улахан сэҥээриини, болҕомтону тарта. Халандаары сырдатарга I «В» кылаас үөрэнээччилэрэ Дима Ощепков, Валя Колодезникова кыттыбыттарын оҕолор сэргээн иһиттилэр.
Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оскуола дириэктэрэ Валентина Васильевна Софронеева Ааҕыы муннуга арыллыытынан эҕэрдэлээн туран, манна элбэх оҕо сылдьан билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар, кинигэни доҕор оҥостон үүнэ-сайда туралларыгар баҕа санаатын тиэртэ. Уонна биһиги оҕолорбут кинигэни эрэ буолбакка «Кэскил» оҕо хаһыатын кытта ситимнээхтик үлэлиирин, билигин 92 оҕо хаһыаты суруйтаран ааҕарын бэлиэтээн, махтанна.

«Үктэл» пост салайааччыта Надежда Павловна Жерготова бу улахан суолталаах тэрээһин буоларын, «Алыптаах дойду» элбэх оҕону ааҕыы-билии умсулҕаныгар утуйан, элбэх үөрэнээччи сөбүлээн сылдьар сирэ буоларыгар баҕарда. Уонна оскуолабыт оҕолоро кинигэни таһынан «Кэскил» хаһыаты, «Чуораанчык», «Бэлэм буол» сурунааллары суруйтаран, ааҕалларын, сайдалларын бэлиэтээтэ. «Үктэл» пост үлэлээбитэ 15 сыла буолбутун, «Кэскиллиин бииргэ» проект ситиһиилээхтик, ситимнээхтик үлэлии турарын бэлиэтээтэ уонна ааҕыыны көҕүлүүр төрөппүттэргэ махталын тиэртэ.
Үөрүүлээх тэрээһини I «А» уонна I «В» кылаастар оҕолорун хоһоонноро, ырыалара ситэрэн биэрдилэр. Бу тэрээһини салайан, сонуннук ыыттылар оскуола библиотекардара Юлия Егоровна Андреева уонна Ариана Евгеньевна Потапова.
Биир саамай долгутуулаах түгэнинэн Ааҕар муннук арыллыытын кыһыл лиэнтэтин быһыы буолла. Бу үрдүк чиэс библиотекарь Юлия Егоровнҕа, волонтёр эбээ Нарыыйаҕа, I «А» кылаас үөрэнээччитэ Алёна Никифороваҕа тигистэ.


Бу курдук, «Алыптаах дойду» аана арылынна, ааҕыы, билии-көрүү айана саҕаланна! Билигин библиотекаҕа киирдэххэ Ааҕар муннукка алын сүһүөх оҕолоро ким переменаҕа, ким уруок кэнниттэн кинигэ, «Кэскил», «Чуораанчык» көрө, ааҕа олороллорун элбэхтэ көрүөххэ сөп.
Рада Готовцева, VI «Б» кылаас,
«Үктэл» пост, Саха гимназията, Дьокуускай.
