Саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, поэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов-Алампа 140 сылыгар алын кылаас (3-4) уолаттарыгар ананан ыытыллар уокуруктааҕы “Уоланнар ааҕыылара” сэтинньи 20 күнүгэр Малдьаҕар нэһилиэгэр буолан ааста.
Уопсайа 11 оҕо кытынна. Кыттыыны ыллылар Чуукаар, Маалыкай уонна Малдьаҕар орто оскуолатын 3-4 кылаас оҕолоро. Оҕолор олус үчүгэйдик Алампа хоһооннорун кэпсээтилэр.




Күрэхпит түмүгэ:
3 кылаастарга:
1 миэстэ — Харысхан Филиппов (Малдьаҕар)
2 миэстэ — Эрсан Саввинов (Маалыкай)
3 миэстэ — Тит Слепцов (Малдьаҕар)
4 кылаастарга:
1 миэстэ — Сандал Петров (Маалыкай)
2 миэстэ — Афанасий Ушканов (Маалыкай)
3 миэстэ — Айгылаан Семенов (Малдьа5ар)
Оҕолорго уонна салайааччыларга өссө төгүл эҕэрдэ!
4 кылаастарга кыайбыт оҕо улуустааҕы «Уоланнар ааҕыыларыгар» кытта киирэр.
Василена Филиппова, 5 кылаас үөрэнээччитэ, «Мальж-сонун» медиа киин, Малдьаҕар, Ньурба
