
Бу күннэргэ 3 «Г» кылаас үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Тарбахова Сардаана Григорьевна) Региональнай «Кочующий музей» бырайыак чэрчитинэн Аан дойдутааҕы телемоска көхтөөхтүк кытынна. «Дети детям» диэн онлайн көрсүһүүгэ Дьокуускай уонна Бишкек куорат үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Бу бырайыак сыала-соруга – араас норуот култууратын кытта билсии.
Бэйэ икки ардыгар бэйэҥ төрөөбүт норуотуҥ култууратын көрдөрүү, иһитиннэрии буолар. Бу ураты тэрээһин Аиза Решетникова аатынан «Муусука уонна фольклор» түмэлигэр бэһис төгүлүн ыытылынна. Түмэл методиһа Сайаана Афанасьевна Попова, фольклор куруһуогун бу кылааска ыытар буолан, тэрээһиҥҥэ кыттыҥ диэн көҕүлээн ыҥырбытыгар, үөрүүнэн сөбүлэспиттэр.
Манна 3 «Г» кылаас үөрэнээччилэрэ «Эйэ», «Сарсыадааҥы саһарҕа» ырыаны ыллаатылар, фольклортан быһа тардан көрдөрдүлэр. Онтон Бишкек оскуолатын үөрэнээччилэрэ киргиз норуотун араас төрүт музыкальнай инструменыгар оонньоотулар, ыллаатылар уонна үҥкүүлээтилэр. Икки өттүттэн кэпсэтии, санаа атастаһыы буолла, бэйэ норуотун култууратын билсии олус сонуннук, уратытык көһүннэ.
Икки оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэ-бэйэлэрин норуоттарын үгэстэрин билсиилэрэ сүрдээх сэргэхтик ааста. Бу онлайн көрсүһүү үөрэнээччилэргэ араас норуот култууратыгар интэриэһи үөскэттэ, билиилэрин кэҥэттэ уонна доҕордоһууга, бэйэ-бэйэни өйөһүүгэ, убайдыы-бырааттыы норуоттар куултуураларын билсиигэ олук уурда.
Кылаас салайааччыта Сардаана Григорьевна уонна үөрэнээччилэр бу тэрээһини олус сэргээбиттэрин, атын норуот култууратын билсибиттэрин үөрэ-көтө аҕыннылар, өссө да маннык тэрээһиҥҥэ кыттар баҕаларын эттилэр. Бүтэһигэр оҕолор тэрээһинтэн уруһуй уруһуйдаан, Бишкек куорат үөрэнээччилэригэр түмэн ыытар былааннаахтарын аҕыннылар. «Кочующий музей» оскуола үөрэнээччилэригэр Аан дойду араас норуотун култууратын, искусствотын уонна үгэстэрин кытта билисиигэ, өйгө хаалар үгүс тэрээһинин иһин улахан махталларын тиэрдэллэр.



Яна Васильева, Дьокуускай куорат 17№ — дээх орто оскуола 10 «В» кылаас үөрэнээччитэ