Бүгүн, сэтинньи 27-с күнүгэр, Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан литературнай түмэлигэр Олоҥхоҕо анаммыт култуурунай тэрээһин буолан ааста. Кыттыыны түмэл үлэһиттэрэ, Дьокуускай куорат 86№-дээх «Колокольчик» оҕо саадын иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ, оҕолор төрөппүттэрэ ыллылар.

Тэрээһини түмэл дириэктэрэ Рустам Николаевич Каженкин арыйда:
«Төрөппүттэр, эһиэхэ туһаайан этиэхпин баҕарабын: бу ойуу анныгар Ийэ олоҥхоһут Дария Томская-Чайка олоҥхолообута. Бу саалаҕа сөбүлээн олоҥхолуур этилэр АССР норуодунай артыыһа Гаврил Колесов уо.д.а. Манна саха интеллигенцията, худуоһунньуктар, учуонайдар, суруналыыстар мустаннар саха кэскилин туһунан кэпсэтэллэр этэ. Онон бу сиргэ бүгүн оҕо уоһуттан саха олоҥхото тахсара «Билии суол» дии саныыбын. Эһиэхэ махтанабын, тоҕо диэтэххэ, кыра дьоҥҥо бастакы хардыы оҥороргут улахан гражданскай үтүөҕүт диэхпин баҕарабын».

«Колокольчик» оҕо саадын «Күн Чөмчүүк» куруһуок иитиллээччилэрэ саха литературатын төрүттээччитэ, суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит уһулуччулаах политичэскэй диэйэтэл П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардан ааҕан иһитиннэрдилэр. «Дьулуруйан Ньургун Боотур» айымньы биһиэхэ орто дойду дьонун, айыы аймаҕын көмүскээччи Ньургун Боотур Аллараа дойду абааһыларын кытта киирсэрин, элбэх эрэйинэн, сыранан кыайталыырын кэпсиир.

София Кондакова, 6 саастаах, «Күнчээн» бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ:
«Мин Сабыйа Баай Хотун уонна Саха Саарын Тойон туһунан аахтым. Олоҥхо дьоруойдарыттан «кинусайга» техниканан ийэбин кытта Аал Луук Мас оҥорбутум».

Есения Пояркина, 5 саастаах, «Сулусчаан» орто бөлөх иитиллээччитэ:
«Мин Абааһы уола Туйаарыма Куону уорбутун туһунан аахтым. Бу мин күн күбэй ийэбин кытта Хотун хартыынатын оҥорбутум».

Кэрэ Истэ Үчүгэйи Таҥар, «Колокольчик» оҕо саадын оҕону эбии үөрэхтээһин уһуйааччыта, «Күн Чөмчүүк» куруһуок салайааччыта:
«Мин үлэбинэн оҕолору саха култууратын фольклоругар үөрэтэбин. Бүгүн биһиги бырайыакпытын саха литературнай түмэлин кытта биир сомоҕо буолан тэрийдибит. Оҕо олоҥхону үөрэтэрэ олус ыарахан, тоҕо диэтэххэ, олоҥхо тыллара олус уустуктар. Улахан да киһиэхэ өйдөнүмтүөтэ суох буолар. Ол иһин биһиги оҕолорбут саха тылларын саппааһа аҕыйах. Оҕо саадын саастаах оҕолоругар, олоҥхо тылларын үөрэтэр олус уустук буолар. Төрөппүттэр көмөлөрө олус улахан, тоҕо диэтэххэ куруһуокка эрэ буолбакка, оҕо тылын күн аайы хатылыан наада… Куруоһуокпут быйыл саҥа арылынна. Оҕолорбут араас быыстапкаларга, куонкурустарга, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бэстибээллэргэ кыттан бириистээх миэстэлэри ылаллар».


Онтон «Тайны земли Олонхо в технике Кинусайга» диэн ааттаах быыстапка арылынна. Ыалдьыттарга анаан «кинусайга» техниканан хартыына оҥорорго маастар-кылаас ыытылынна. «Кинусайга» – араас өҥнөөх таҥас көмөтүнэн саба уонна иннэтэ суох хартыына оҥоруу техниката.
Оннук курдук, бүгүҥҥү тэрээһин олус кэрэхсэбиллээхтик ааста. Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн саха култууратын уһуйар, олоҥхо саха норуотун дууһата буоларын туһунан үөрэтэр иитээччилэргэ, литературнай түмэл үлэһиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.

Кэскил14.ру