Охлопковтар улахан уратылаах дьиэ кэргэн. Ол туһунан биһиги учууталбытын Александр Иванович Васильевы кытта бу дьиэ кэргэн туһунан видеону устар үлэбитигэр биллибит.
«Кэскил» медиа-оскуола иһинэн «Оҕо оҕоҕо» рубрикаҕа анаан Охлопковтар орто уолларын Роман Фёдорович Охлопковы кытта кэпсэттибит. Кини Дьокуускайдааҕы Тарас Десяткин аатынан промышленнай техникумҥа преподавателинэн үлэлиир.

Икки Герой дьиэ кэргэнигэр төрүүр, онно улаатар, иитиллэр диэн хайдаҕын туһунан ыйыттыбыт.

– Көрсүһүүлэргэ тиийдэхпинэ маннык ыйытыыны миэхэ куруук биэрэллэр. Биһиги дьиэ кэргэммитин легендарнай дьиэ кэргэн диэн этэллэрэ оруннаах. Бастатан туран, бу икки Герой, көннөрү Геройдар эрэ буолбатахтар. «Герой-ийэ» аат – бу ийэ саамай үрдүк аата. Маннык аат биһиэхэ ССРС-ка эрэ баара. Атын дойдуларга – Америкаҕа, Японияҕа итинник аат суох. Өскөтүн дьахтар бэйэтин ытык иэһин итинник үрдүк таһымҥа толорон, уон оҕону төрөтөн, Герой-ийэ буолбут буоллаҕына, кини кэргэнэ, бу дьиэ кэргэн аҕата – Сэбиэскэй Сойуус Геройа. Оттон Сэбиэскэй Сойуус Геройа диэн кимий? Ийэ дойдуну, дьиэ кэргэнин көмүскээччи саамай үрдүк аата. Былыр-былыргыттан, киһи-аймах уонна дьиэ кэргэн үөскүөҕүттэн ыла эр киһи көмүскүүр аналлаах. Оттон эр киһи көмүскээччи саамай үрдүк аата – Сэбиэскэй Сойуус Геройа. Маннык аат атын дойдуларга эмиэ суох. Оччотугар биһиги ССРС-ка биир дьиэ кэргэҥҥэ дьахтар уонна эр киһи саамай үрдүк ааттарын сүгэр Аан дойдуга соҕотох, легендарнай дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт эбиппит, – диэн Роман Федорович киэн тутта этэр.
Ол гынан баран кинилэр кыра дэриэбинэҕэ дьонтон чорбойбокко, оскуолаҕа үөрэнэн, хаарынан бырахсан, буорга буккуллан, моҕотой эккирэтэн оҕолору кытта бииргэ оонньоон улааппыттар.
– Дэриэбинэҕэ бары тэҥ этибит. Геройдар оҕолоробут диэн ураты санаа хайабытыгар да суоҕа. Оттон улаатан, оскуоланы бүтэрбиппит кэнниттэн төрөппүттэрбитинэн киэн туттуу уонна саамай сүрүнэ, эппиэтинэс санаата дьэ кэлбитэ. Ийэбит кэриэс тылын суруйарыгар маннык диэбит этэ: «Төрөппүттэргитин умнумаҥ, төрөппүттэргит ааттарын хараардымаҥ» диэн. Ол аата аҕаҕыт уонна ийэҕит ааттарын үрдүктүк тутуҥ диэн. Улаатан баран Геройдар оҕолорун быһыытынан олус улахан эппиэтинэһи сүгэ сылдьарбытын өйдөөбүппүт. Билигин кырдьан, эбээ, эһээ буолбуппут да иһин түгэн көһүннэр эрэ төрөппүттэрбит тустарынан кэпсиибит, – диэн Роман Федорович санаатын үллэһиннэ.
Кини улахан убайым Николай Фёдорович уонна кыра быраата Илья Фёдорович аҕаларын туһунан суруйбут кинигэлэрин Национальнай бибилэтиэкэҕэ сыыппараҕа көһөттөрбүт. Ол аата аан дойду хайа баҕарар уһугар олорор киһи бу кинигэлэри электронно ылан ааҕыан сөп эбит. Охлопковтар оҕолоро аҕаларын туһунан тахсыбыт бары киинэлэри хомуйан түмпүттэр.
Роман Федорович кэпсээбитинэн, сэбиэскэй кэмҥэ, 1966 сыллаахха, аҕалара өссө тыыннаах эрдэҕинэ, дьоппуон режиссёра кэлэ сылдьыбыт уонна ыһыахха аҕалара кыттыылаах оһуохайы устубут. «Ол киинэ биһиэхэ баар», – диэн этэр уола.
Федор Матвеевич Охлопков аата умнуллубат. Онуоха кини уон оҕотун күүһэ, көмөтө лахан суолталаах.
– Аҕабыт туһунан олус элбэх киинэ, ролик, кинигэ, хаһыат баар. Уулуссалар ааттара олус элбэх: Дьокуускай куоракка, Хаандыгаҕа, биһиги бөһүөлэкпитигэр Кириэс Халдьаайыга, Ытык Күөлгэ бааллар. Ону таһынан, аҕабыт аатынан Тиксиигэ сухогруз баар, Тверь куоракка биһиги көмөбүтүнэн тэриллибит аҕабыт аатынан көрдүүр этэрээт үлэлиир. Уһук Илин, Саха сирин устудьуоннара сайын аайы онно тиийэн хаһыы үлэтин ыыталлар, сэрии кэнниттэн туох хаалбытын көрдүүллэр, буойуннар уҥуохтарын, сэрии сэбин булаллар. Аҕабыт аатынан мас тардыһыытыгар, ытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Аҕабыт аатынан бүтүн Арассыыйа снайпердарыгар аналлаах тир аһыллыбыта. Сыл ахсын күрэхтэһиилэр буолаллар, – диэн Герой-ийэ уонна Сэбиэскэй Сойуус Геройун оҕолоро Роман Федорович Охлопков кэпсиир.
Калерия АТЛАСОВА, VII «Е» кылаас,
Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолата
