Күндү ийэлэр, эбээлэр, күн күбэй дьоммут! Ийэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!
Ийэттэн саҕаланар киһи төрдө, алаһа дьиэ, аал уот. Хас биирдиибит сүрэҕэр ийэбит мөссүөнэ – саамай сырдык иэйии, саамай күндү өйдөбүл. Эһиги тапталгыт, кыһамньыгыт, түүннэри-күнүстэри биһиги туспутугар уурбут сыраҕыт – биһиги олохпут төрдө.
Эһиэхэ, күндү ийэлэрбитигэр, олох бастыҥын баҕарабыт: бөҕө доруобуйаны, чөл туругу, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэни, дьолу-соргуну, күннэтэ үөрүүнү, ситиһиилэри!
Эһиги баар буолаҥҥыт биһиги дьиэлээхпит, күннээхпит, инникигэ эрэллээхпит. Махталбыт муҥура суох.
Ийэ күнүнэн, күндү дьоммут!
Кэскил14.ру
