Бу нэдиэлэҕэ оскуолабытыгар быйылгы үөрэх-дьылыгар аан маҥнайгытын эксээмэн диэни билэр көрөр 9-с кылаас үөрэнээччилэригэр анаан химия уонна физика предметтэригэр «Своя игра» диэн олус интэриэһинэй интеллектуальнай викторина буолан ааста.
Тэрээһини физика учуутала Иннокентий Афанасьевич уонна химия учуутала Василий Алексеевич үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Оонньуу быраабылатынан оҕолор бэйэлэрин билиилэринэн, өйдөрүн сытыытынан күрэхтэстилэр: кинилэр хайа тиэмэни уонна ханнык сыаналаах боппуруоһу талалларын бэйэлэрэ быһааран, сөптөөх эппиэти биэрэн эбии очко хомуннулар. Маннык формат үөрэнээччилэр толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарар, предметтэргэ интэриэстэрин өссө күүһүрдэр уонна хамаанданан үлэлиир сатабылларын чиҥэтэр.
Күрэх олус көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык уонна сэргэхтик ааста. Оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин тургутан, үгүс саҥаны биллилэр, бэйэлэрин кыахтарын көрдөрдүлэр.
Инникитин да маннык өйү-санааны сайыннарар тэрээһиннэр үгэскэ кубулуйан ыытылла турдуннар. Үөрэнээччилэрбитигэр уонна учууталларбытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
