СӨ култууратын туйгуна Юрий Афанасьев өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр анаан саха норуодунай суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл «Наара Суох» кэмиэдьийэтинэн көрдөөх испэктээк эмиэ көрөөччүгэ тахсыаҕа.
Бу норуот мындыр өйүн, олоххо сыһыанын күлүү көмөтүнэн арыйар бэртээхэй айымньы. Сүрүн дьоруой Наара Суох — дьоҥҥо дьиибэтинэн-дьээбэтинэн уонна сытыы, бэргэн тылынан-өһүнэн биллэр. Норуот мындыр өйүн холобурдуур чаҕылхай дьоруой.
Туруорааччы-режиссёр — Карл Сергучев.
Туруорааччы-худуоһунньук — Саргылана Иванова.
Оруолларга — Алексей Павлов, Федот Львов, Екатерина Семенова, Петр Андреев, Мария Данилова, Анна Флегонтова, Айыына Николаева, Лиза Далбараева, Владимир Охлопков, Илья Яковлев, Кирилл Рожин.
16+
Ахсынньы 4 күнүгэр, киэһэ 18:00 чаастан
Билэттэр: 44-40-32, sakhatuz.ru
Пушкин каартатынан сылдьыы биһирэнэр.
Кэскил14.ру
ГБУ РС(Я) «ТЕАТР ЮНОГО ЗРИТЕЛЯ»
