Оскуолабытыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ – улуустааҕы «Кут-сүр» фольклорнай фестиваль буолар. Фестиваль «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» диэн девизтээх 19-с төгүлүн ыытылынна. Быйыл 14 үөрэх тэрилтэтиттэн 160 оҕону, 20 салайааччыны, кэтэхтэн 56 уһуйаан иитиллээччилэрин түмтэ.
Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Чурапчы улууһун Олоҥхо киинин специалиһа Игнатий Борисович Каженкин, «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин дириэктэрэ Ирина Семеновна Сергеева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Клара Максимовна Тарабукина, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Евдокия Иннокентьевна Кузьмина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Хайахсыт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Елена Дмитриевна Дьячковская, «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин иитии үлэтигэр дириэктэри солбуйааччыта Алина Ивановна Собакина, улуустааҕы үөрэх салалтатын иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһин отделын специалиһа Светлана Дмитриевна Дьячковская, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Хайахсыт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах уһуйааччыта Матрена Николаевна Илларионова үлэлээтилэр.
Сыл ахсын буоларын курдук, фестиваль норуот ырыата, чабырҕах ,тойук, үгэ, оһуохай, олоҥхо, хомус көрүҥнэригэр үс түһүлгэнэн ыытылынна. Быйыл кыттааччылар таһымнара, сатабыллара лаппа үрдээбитэ бэлиэтэннэ.
Үгэс быһыытынан, сыл ахсын туттарыллар Валерий Петрович уонна Мария Андреевна-Сэҥээрэ Герасимовтар дьиэ кэргэттэрин 5000 солк. анал бирииһин быйыл оҕоҕо буолбакка, бастыҥ салайааччыга анаатылар. Анал бириис хаһаайкатынан Семен Андреевич Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин эдэр, кэскиллээх педагога Варвара Гаврильевна Орлова буолла.
Кэлэн кыттыбыт оҕолорго, салайааччыларга уонна төрөппүттэргэ ыҥырыыбытын ылынан кэлбиккитигэр оскуолабыт салалтата истиҥ махталын биллэрэр.
«Мичээр» медиа-киин юнкордара
Лилия Маркова видеота, Х кылаас
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы
