Мин олохпор эн саамай чугас, тапталлаах киһи буолаҕын, эйиигин курдук кими даҕаны таптыам суоҕа. Мин олохпор барытын оҥороргор, түүннэри утуйбакка, сылайа миигин көрөн-истэн олорбуккар махтанабын. Кыыһырдахпына да тулуйаҕын, өһүргэммит да буоллаххына көрдөрбөккүн уонна бастакынан эйэлэһэҕин. Мин итини көрөбүн, билэбин уонна олус махтанабын. Миэхэ убайдарбын бэлэхтээбиккэр махтанабын. Мин олохпор, миигин саамай таптыыр киһи эн буолаҕын. Эйигинэ суох хайдах олорорбун олох билбэппин. Эн аскын наһаа сөбүлүүбүн, өссө да элбэх аһы астаар.
Мин аттыбар күн сардаҥатынан сыдьаайаҕын, олох кыра эрдэхпиттэн харахпар аанньал курдук көстөҕүн.
Миэхэ: «Эн олус үтүө, кэрэ ийэлээххин», – диэн куруук этэллэр. Тоҕо диэтэххэ, эн мэлдьи саамай бастыҥ ийэ буолаҕын. Баҕар, мин саҥа умсугуйууларбын, интэриэстэрбин мэлдьи өйдөөбөтөҕүн буолуо, ол эрээри мэлдьи миигин өйөөн, бары интэриэстэрбин ылынаҕын.
Кыра сылдьан эн үлэҕэр тардылыннаххына мин куруук ытыыр, ахтар этим. Билигин мин уааттым, ол да буоллар мин син биир эн кыра кыыс оҕон буолабын, ол иһин биһиги тэйиччи сырыттахпытына мин син биир куруук эйиигин ахтабын уонна суохтуубун. Эн саамай нарын илиигин имэрийэргин, иэдэспиттэн сылаастык сыллан ыларгын ахтааччыбын.
Саамай бастыҥ, нарын, тапталлаах ийэлээхпэр таҥараҕа махтанабын. Саамай дьоллоох киһи буолуоххун баҕарабын. Аан дойду барыта миигинэн киэн туттуон баҕарабын эрээри, миэхэ аан дойду барыта эн буолаҕын. Кыайтарар да түгэммэр мэлдьи эйиэхэ барабын, мин хотторбут да буоллахпына, эн миигин таптыыгын – бу саамай улахан кыайыы.
Эйигин олус таптыыбын, ийээ! Мин эйиэхэ олус махтанабын.
Камила НЕУСТРОЕВА, IX кылаас,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан
