Сэтинньи 28 күнүгэр биһиги нэһилиэкпитигэр И.Г. Тимофеев-Теплоухов аатынан «Алаһа» норуот айымньытын дьиэтигэр үлэ дьонугар аналлаах Тыа хаһаайыстыбатын күнэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Тэрээһин саҕаланыытыгар ыраастаныы сиэрэ-туома ыытылынна. Ол кэннэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга баһылыкпыт солбуйааччыта Василий Ильич Борисов тыа хаһаайыстабата сайдарыгар туруулаһан үлэлии сылдьар нэһилиэк олохтоохторугар – «Арктик» ДьУоХ ООО учаастагын маастарыгар Алексей Алексеевич Евграфовка, «Каженкин» хаһаайыстыбаҕа, мин аҕабар Прокопий Николаевич Каженкиҥҥа, ону тэҥэ Егор Иннокентьевич Петровка уонна Анджела Ивановна Поисееваҕа улуус бочуоттаах грамоталарын туттарда. Бу күн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Иван Спиридонович Винокуровка үрдүк наҕараада туттарылынна.

Үөрүүлээх чаас кэнниттэн нэһилиэк олохтоохторо түөлбэлэринэн кэнсиэр көрдөрдүлэр. Түөлбэ олохтоохторун кэнсиэрин соло, дуэт, үҥкүү, хоһоон, көрдөөх-нардаах сыанкалар уонна ретро муода нүөмэрдэрэ киэргэттилэр. Биһиги оскуолабыт учууталлара туора турбакка, түөлбэлэрин кэнсиэрдэригэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.





«Чараҥ» түөлбэ эҕэрдэ кэнсиэрин нуучча тылын уонна литературатын учуутала Надежда Васильевна Винокурова арыйда. Салгыы Дьячковскайдар дьиэ кэргэн дуэттаатылар. Ону таһынан ретро модалара, үҥкүүлэрэ , көрдөөх сыанкалара уонна хоһоонноро олус сэргэхтик аастылар.
«Таргыйахтар» түөлбэ кэнсиэрдэрин биһиги технологиябыт учуутала Ксения Иннокентьевна Петровакырыымпа нарын тыаһынан саҕалаата. Ол кэнниттэн библэтиэкэ үлэһитэ Карина Ивановна Тарасова хомус доҕуһуоллаах хоһоон аахта. Салгыы Альбина Филипповна Маркова солото, Кузьминнар дьиэ кэргэн дуэттара дьон биһирэбилин ыллылар. Маҕаһыын туһунан көрдөөх сыанка көрдөрдүлэр уонна 90-с сыллар үҥкүүлэрин толордулар.

Кэнсиэр түмүгэр дьон-сэргэ бары түмсэн, учууталбыт Дария Кононовна Кузьмина дорҕоонноох оһуохайыгар кыттыстылар.

Саамай долгутуулаах түгэнинэн «Алаһа» норуот айымньытын дьиэтэ оонньоппут лотереята буолла. Манна мустубут дьон үөрүүтүгэр сүрүн бирииһи биһиги оскуолабыт эдэр педагог-организатора Анна Афанасьевна Романова сүүйдэ.
Бу курдук Хайахсыт олохтоохторо сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн, ким эрэ өттүк харалаах, тыа хаһаайыстыбатын күнүн истиҥник бэлиэтээтилэр.
Лиана КАЖЕНКИНА, Самаана БОРИСОВА,
VIII кылаас үөрэнээччилэрэ, «Мичээр» медиа-киин юнкордара,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы
