Бастакы сурукка тахсыбыт Слепцовтар XVIII үйэҕэ Бахсыга нэһилиэги төрүттээбит чиргэл тыыннаах, сырдык өйдөөх-санаалаах Аҕа ууһа буолар. Бу этигэр-хааныгар ааспыт олох билиитин иҥэринэ сылдьар, ол билиититтэн норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтээччилэргэ үллэстибит аймах. Дойду туһа диэн ытык өйдөбүлү өрө тутар Аҕа ууһа. Бахсы Слепцовтара бүтүн дьиэ кэргэнинэн үөрэх кыһатыгар, учуутал идэтигэр 700 сылы анаабыттара.
Нэһилиэк бастакы интеллигенэ Игнатий Алексеевич Слепцов бу Аҕа ууһуттан тахсыбыта. Кини XX үйэ саҕаланыыта таҥара дьиэтэ Бахсы сиригэр тутулларын туруорсубута, онтон 1911 с. нэһилиэккэ Министерскэй начальнай оскуола аһылларын туһугар сүүрбүт-көппүт киһи буолар.
Игнатий Алексеевич 1872 с. Бахсы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Нэһилиэк бастакы үөрэхтээхтэрин кэккэтигэр сылдьан, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үүнэр көлүөнэҕэ, билиини тарҕатарга көхтөөхтүк кыттан, сырдыгы, кэскиллээҕи түстэспитэ. Тыа дьоно саҥа олоххо үктэнэллэригэр дьон-сэргэ өйүн-санаатын түмэ тардыбыт улахан тэрийээччи этэ.
Мин бэдэгиэк Слепцовтар династияларын сыдьаана буолабын. Ол курдук, Аҕа ууһа Игнатий Алексеевич Слепцовтан саҕалаан, күн бүгүнүгэр диэри биһиги дьиэ кэргэҥҥэ учуутал идэтин баһылаабыт дьон үгүс.
Билигин чугас дьонум Бахсы орто оскуолатыгар үлэлииллэр: ийэм Елена Васильевна Слепцова – социальнай бэдэгиэк, эдьиийим Розалия Ивановна Барашкова – математика учуутала, убайым Алексей Петрович Слепцов – информатика учуутала.
Мин эмиэ дьонум туйаҕын хатаран, оскуолабын бүтэрдэхпинэ, история учуутала буолар баҕа санаалаахпын. Тоҕо диэтэххэ, учуутал куруук сырдыкка-кэрэҕэ угуйар, олох тэтимин кытта тэҥҥэ үүнэн, сайдан иһэр, бэйэтин билиитин оҕолорго тириэрдэр аналлааах.
Слепцовтар династиялара өссө даҕаны салҕанан бара туруо диэн эрэллээхпин. Дьону-сэргэни үөрэх эйгэтигэр угуттуу туруохпут.
Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолата
Чурапчы