Саха АССР 100 сылыгар, Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылыгар, Арассыыйаҕа култуура үйэлээх баайын сылыгар аналлаах уонна Г.В.Ксенофонтов төрөөбүтэ 135сылын, Г.В.Ксенофонтов аатынан Тиит Арыы орто оскуолатын 125 сааһын көрсө Тиит Арыыттан төрүттээххоhоонньут, Саха суруйааччыларынСойууhунчилиэнэ, хас да кинигэ автора, хоhоонньуттарытүмээччи Тимофеева Раиса Николаевна уонна «Кэскил» оҕо хаhыатын өйөбүллэринэн.
Сыала: Оҕо тус санаатын, иэйиитин хоһоон тылынан тиэрдэр, хоһуйар дьоҕурун сайыннарыы.
Соруктара:
— Саха сиригэр олохтоох саха, нуучча, хотугу норуоттар тылларын сайдар кэскилин өйдөтүү, торумнааһын:
— ийэ тылга тапталы, ытыктабылы иҥэрии;
— Айар дьоҕурдаах оҕолору өйөөһүн, түмүү.
Ыытыллар күнэ – дьыла: сэтинньи 15 к. – ахсынньы 15 к. 2022с.
Тэрийээччилэр: «Кэскил» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хаһыата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хаҥалас улууһун «Г.В.Ксенофонтов аатынан Тиит Арыы орто оскуолата» муниципальнай бүддьүөт үөрэх тэрилтэтэ.
Кыттааччылар: Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1 – 11 кылаас үөрэнээччилэрэ.
1 бөлөх- 1-4 кыл
2 бөлөх- 5-8 кыл
3 бөлөх- 9-11кыл
Ирдэбилэ:
— Кыттааччы хоһоон айан электроннай аадырыска ыытар. Хоһоон сахалыы, нууччалыы, ханнык баҕарар хотугу норуот тылынан суруллуон сөп. Тиэмэтэ хааччаҕа суох.
— Оҕо аата, араспаанньата, олорор сирэ, оскуолата, кылааһа, салайааччыта, электроннай аадырыс толору суруллар.
— Кыттыы иһин усунуос – 150 солк.
Усунуос картага ыытыллар. (Новелла Николаевна Петрова, Сбербанк 89841158420.
Хоһоон уонна квитанция бу электроннай аадырыска ыытыллар: tit-konkyrs@mail.ru
Кыттааччылар туоhу суруктары, бөлөхтөрүнэн кыайыылаах уонна I, II, III степеннээх дипломнары, махтал суруктары электроннай варианнарын электроннай почтанан тутуохтара.Усунуостан киирбит үбүнэн кыайыылаахтарга харчынан бириис олохтонор. Түмүк ахсынньы 20 күнүгэр оскуола сайтыгар тахсыаҕа https://hu-tas.obr.sakha.gov.ru/