1992 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр Оҕо хамсааһынын күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү Саха сирин араас улуустарын, оскуолаларын Оҕо хамсааһыннара бэлиэтииллэр, бары бииргэ түмсэллэр.
Ол курдук, бу күн Оҕо Айымньытын Дыбарыаһыгар «Куорат эдэр олохтооҕо» диэн Дьокуускай куорат уопсастыбаннай оҕо хамсааһыннарын бэстибээлэ буолан ааста. Бу тэрээһини «Бастакылар Хамсааһыннара» иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта.
Бэстибээл бэйэтин тула 39 оскуоланы, 400 кэриҥэ оҕону муста. Дьокуускай куорат араас оскуолаларын бастыҥ активистара, салайааччылара бу киэһэ үлэлэрин түмүктэрин иһиттилэр, хайҕабылы-сыанабылы ыллылар, туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар. Ол курдук маннык номинациялар билиннилэр:
- «Оҕо хамсааһынын өйүүр бастыҥ дириэктэр»;
- «Оҕо хамсааһынын бастыҥ салайааччыта»;
- «Иитии бырагыраамматын үөрэтэр бастыҥ кылаас»;
- «Бастыҥ волонтерскай этирээт»;
- «Бастыҥ оскуола медиа-центра»
Ону таһынан, бастыҥ активистар Дьокуускай куорат Оҕо хамсааһыннарын сайдарын туһугар кылааттарын иһин анал түөскэ иилиллэр бэлиэнэн наҕараадаланнылар, 12 бастыҥ активистар ааттара билиннэ, «Бастакылар хамсааһыннарын» бастыҥ салаатын, активиһын уонна оҕолор бэйэни салайыныыларын бастыҥ лидерин бу күн ааттаатылар.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бу күн оҕолору кэлэн туһааннаах бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ, үтүө сүбэлэри, наадалаах тыллары этэн оҕолору кынаттаата, куорат Оҕо хамсааһыннарын үлэтин таһымын, сыалын-соругун хайҕаата, үрдүктүк сыаналаата.
Оҕо хамсааһына сайда, үүнэ-чэчирии, элбэх ааннары арыйа турдун!
Сиһилии видео-матырыйаалга көрүҥ: