Муҥха — саха норуотун өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үтүө үгэһэ. Дэриэбинэ олохтоохторугар муҥхаҕа сылдьыы бэйэтэ ураты бырааһынньык. Маар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оскуолабыт дириэктэрин Артем Иванович Никифоровтыын «Саалтааны» Эбэтигэр хас да нэһилиэк дьонун кытта мустан муҥхалаатыбыт.
Биһиги, оҕолор, ойбоҥҥо нырыылаатыбыт. Бу күн оһуобай муҥхалааһын буолан ааста. 3-түү сүүр собону таһаардыбыт.
Муҥхаҕа сылдьан өттүк харалаах кэлбит уолаттартан бэрт сырыы ааспытын туһунан ыйыталастым.
Вадим Григорьев, 7 кыл. үөрэнээччитэ:
— Интэриэһинэй муҥхаҕа илдьэ бара сылдьыбытыгар оскуолабыт директорыгар Артем Ивановичка барҕа махталбын тиэрдэбин. Инникитин да итинник булка-алка, айылҕаҕа үөрэ-көтө сылдьыһыа этим.
Айсен Матвеев, 7 кыл. үөрэнээччитэ:
— Муҥхаҕа уол оҕо сылдьыахтаах дии саныыбын. Сиргэ сылдьан сиэри-туому кытта билсэҕин, сатабылгын сайыннараҕын, олохпутугар да инникитин көмө буолуо.
Бу күн халлааммыт күннээх, сылаас этэ. Бары үстүү сүүр балыктаах кэлэн дьоммутун үөртүбүт.
Ефим Гаврильев, «Юла» медиакиин, Маар орто оскуолата.
keskil14.ru