От ыйын 16-22 күннэригэр Дьокуускайга «Өрөгөй» спорт киинигэр олимпийскай чемпион Павел Павлович Пинигин чиэһигэр оҕолорго Бүтүн Россиятааҕы уонна Аан дойдутааҕы турнир ыытылла турар. Тустуу улахан түһүлгэтигэр 700-кэ эдэр бөҕөс кыттыыны ылар.
Павел Павлович Пинигин 1953 сыллаахха Чурапчы улууһун Дириҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1964 сылтан саҕалаан көҥүл тустуунан дьарыктаммыта. 1966 сылтан Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар биллиилээх тренергэ Дмитрий Петрович Коркиҥҥа эрчиллибитэ.
Павел Пинигин Аан дойду үс төгүллээх чемпиона (1975, 1977, 1978), Аан дойду Кубогын икки төгүллээх хаһаайына (1976, 1977), Европа чемпиона (1975), Аан дойду Кубогын үрүҥ көмүс призера (1972), Аан дойдутааҕы универсиада үрүҥ көмүс призера (1973), ССРС чемпиона (1976), ССРС Чемпионатын үрүҥ көмүс призера (1974, 1977, 1978, 1980), ССРС норуоттарын Спартакиадатын чемпиона (1975), ССРС норуоттарын Спартакиадатын үрүҥ көмүс призера (1979), ветераннарга Аан дойду чемпиона (1993). ССРС спордун маастара (1972), Аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастара, ССРС үтүөлээх маастара (1975).
Павел Пинигин кэргэнэ Мария Пинигина чэпчэки атлетикаҕа олимпийскай чемпион (1988), ССРС хас да төгүллээх чемпиона, рекордсменката, Европа, Аан дойду Кубогун чемпиона, Аан дойду рекордсменката.
***
Олимпийскай чемпион Павел Пинигин чиэһигэр ыытылла турар Бүтүн Россиятааҕы уонна Аан дойдутааҕы турнир кыттыылаахтарыгар, оҕо тустуутун сайыннарыыга үлэлии сылдьар тренердэргэ анаан 1984 сыллаахха бэчээттэммит «Олимпаҕа айан» диэн Павел Пинигин кинигэтиттэн кэрчиктэри наардаан бэчээттиибит. Дойдутугар бэриниилээх, үрдүк сиэрдээх-майгылаах киһи киһитин, күүстээх-кыахтаах сарсыҥҥы чемпионнары иитэн-такайан таһаарыыга бигэ тирэх, өй-санаа аргыһа буоллун диэн.
«Чэ, быһата, өйдөнүмтүө холобуру аҕаллахха – самаан сайын үүммүтүн кэннэ биир оту быһа охсо илик, хата илик, «сиикэй» киһи, халлаан сырдыыта ходуһаҕа киирэн баран, киэһэ, сайыҥҥы күн киириэр диэри, туох да тохтоло суох от охсорунуу санааҥ. Кизердиин хас биирдии көрсүһүүбүт миигиттэн итиннэ майгынныыр сыраны-сылбаны, күүһү-күдэҕи эрэйэрэ. 4 стр.»
«Ромалаах Саша иккиэн мин хоторбор баҕараллара: «Сахабыт сиригэр, бачча финалга үһүөн тиийэн бараммыт, саатар, биир кыһыл көмүс мэтээллээх тиийдэхпитинэ сатанар, эрэлбит эйиэхэ эрэ, Павел», – дэһэллэр. 7 стр.«
«Сүүмэрдэммит хамаанда – туох да хоппот сомоҕо күүһэ, оттон ол иһигэр биһиги үс – биир оскуолаҕа үөрэммит, Дмитрий Петровичка эрчиллибит доҕордуулар сылдьарбыт саныырга да олус сөҕүмэр этэ. Бэйэ-бэйэбитигэр өрүү көх-нэм буоларбыт, ким эрэ санаата түстэҕинэ, ону-маны кэпсээн аралдьытан, хомойбутун умуннара сатыырбыт, оттон биирбит эмэ туохтан эмэ үөрбүтүн сэһэргээтэҕинэ, үөрүү соччонон улаатарга дылыта. 16 стр.»
«Саамай сөхпүтүм диэн биир – площадка тэллэҕиттэн үрдээн барар, чахчы да, алаас сыырын санатар күөх хонууга араас өҥнөөх, гербэлэрдээх, эҥин-эҥин быһыылаах-таһаалаах спортивнай көстүүмнэрин түөстэригэр, көхсүлэригэр тус-туспа дойдулар ааттара суруллубут үрүҥ, хара, саһархай тириилээх баһаам элбэх дьон концердары сэргээн истэн чуоҕуһан тураллар. Бу курдук аан дойду бары норуоттара өрүү эйэ-дьол аргыстаах, иллээхтик олорорбут буоллар ньии диэх курдук толкуй түһэр уонна Олимпийскай оонньуулары төрүттээбит Пьер Кубертэн кынаттаах тылларын санаан кэлэҕин: «Оо, спорт – эн эйэҕин!». 23 стр.»
«Илии илииттэн сиэттиһэн доҕотторбунаан – араас көрүҥҥэ күрэхтэһэр советскай спортсменнардыын хаама сылдьан, биири саныырым: «Маннык дуулаҕа күүһү аан дойдуга ким да хотор кыаҕа суох!». 37 стр.»
«Биһиги, спортсменнар, саамай улахан, үрдүүк-үрдүк үрдэлбит – аан дойду уонна олмипийскай чемпионнар ааттарын ылыы. Маны кыҥаан, ити кирбиигэ тиийэр туһугар сир шарын мөлүйүөнүнэн спортсменнара дьулуһаллар, ол эрээри онно үктэнээччи – бэрт ахсааннаах.
Мин ол аҕыйах дьон истэригэр киирсибиппинэн киэн туттабын уонна биири чиҥэтэбин: бэйэм эрэ бэрпинэн, кыаҕым күүһүнэн бу чиэстээх ааттарга тигистим диир санаам төрүт суох. Ситиһиилэрбин тренердэрим, спорка биир кэмҥэ буспут-хаппыт доҕотторум тэҥҥэ үллэстэллэр диэн этиэх кэриҥнээхпин. 46 стр.»
«Дмитрий Петрович үтүөтэ-өҥөтө туохханый?
Бастакынан, биһигини тустууну ис сүрэхтэн таптыырга үөрэппитэ. Хайа баҕарар үлэҕэ киһи, ис сүрэҕиттэн таптаан-сөбүлээн ылыстаҕына эрэ, улахан ситиһиилэнэр. Бу спорка эрэ буолбатах – норуот хаһаайыстыбатын хайа баҕарар салаатыгар, ханнык баҕарар идэҕэ баар суол. Чурапчы интернат-оскуолатыгар бары биир дьыалаҕа ыалдьар, тустууга ылларбыт оҕолор түмсэммит, күннэтэ эрчиллиини тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэрбит бэрт да этэ! Тустууга тапталы Дмитрий Петрович иитэрэ, хас биирдиибитигэр өлгөмнүк бэлэхтиирэ. 59 стр.»
«Роман Дмитриев. Чурапчыга интернат-оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр, төһө да миигиттэн түөрт сыл аҕатын иһин, Ромалыын олус тапсарбыт. Роман онуска, оттон мин сэттис кылааска үөрэнэрбит. Онустар, сэттистэр хосторо интернакка быысаһа бааллара. Ромалыын киинэҕэ, кулуупка буолар концертарга бииргэ сылдьарбыт. Үҥкүүгэ да киирэн, эркини өйөөн турарбыт бу баар курдук (кыргыттар харахтара соччо-бачча иҥнибэт этэ…). 57 стр.»
«Рома көбүөргэ хапсыһыыта – бу бэйэтэ тустуу үөрэҕин кинигэтин ааҕыы кэриэтэ этэ. Хара киириэҕиттэн элбэхтик, сылбырҕатык хамсанара.
… Рома хаһан да ордук-хоһу хамсаммат, хас биирдии туттунуута туох эрэ сыаллаах-соруктаах, утарылаһааччытын сөптөөх түгэҥҥэ киллэрэр итиэннэ олус сөҕүмэрдик, наһаа кыраһыабайдык быраҕан бурҕатар. Ол оҥорбут албаһын хайдах да үтүгүн – үкчү кини курдук сатаабаккын. 59 стр.
«Роман – улуу бөҕөс. Саамай кыра ыйааһыҥҥа хас да киилэни «үүрэ-үүрэ», уонтан тахса сыл лидеринэн сылдьыы элбэҕи этэр. 59 стр.»
«Саша Иванов. ССРС көҥүл тустууга хамаандатын саамай бастыҥ техникалаах бөҕөһүнэн ааҕыллар доҕорум Саша – иккис кынатым кэриэтэ этэ (син Рома биһикки киниэхэ кынаттар буоларбытыныы). 60 стр.»
«Саша, Рома буоламмыт сүүмэрдэммит хамаандаҕа бэрт өр убай-быраат тэҥэ сылдьыбыппыт. Стайки аттыгар тулата бүтүннүү күөх ойуур силигилээбит күөлүн үрдүгэр кулуһун оттор ырааһыйалаах этибит. Эт үтэрбит, Саша олус түргэн, дьороҕой туттуулаах-хаптыылаах, онон, этиэх түгэнэ, эт кырбастаан, үөлэн уокка кэриэрдибитэ эрэ баар буолара. Таптыыр аһылыкпытын – эти сии-сии, дойдубутун, дьоннорбутун ахтарбыт кэрэ да этэ! 62 стр.»
«Ю.А. Шахмурадов кэпсиирэ: «1974 с. Тегераҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга 52 кг ыйааһыҥҥа олохтоохтор сэттэ саамай чулуу бөҕөстөрүн киллэрбиттэрэ. Кинилэр истэригэр Нахочи, Аскари курдук аан дойду күүстээхтэрэ бааллара. Советскай Союзтан кэлбит Саша Иванов ол уолаттары биир-биир тэлэкэччитэн, көбүөргэ санныларын хаптаҕайдарынан уурталыырын иранецтар улаханнык сөҕө-дьулайа көрбүттэрэ. Сэттис тустууга ыраастык хам баттыырын кытта стадиоҥҥа буурҕа түспүтүнүү аймалҕан буолбута. Бары миэстэлэриттэн ойон туран: «Улуу пехлеван!» – диэн хаһыытаһа-хаһыытаһа, көбүөртэн түһэн эрэ уолга ыстаммыттара. Иранецтар итэҕэллэринэн – күүстээх пехлеваны таарыйдахха, кини күүһэ ол киһиэхэ бэриллэр. Саша миигин кэннибиттэн кууспута, төбөтүн хонноҕум анныгар кистии аспыта, оннук албаһыран, бэрт сыранан, тыһыынчанан дьон үөмэхтэс бурууларыттан төлө туттаран тахсыбыппыт» 59 стр.»
«Аан дойдуга иккистээн бастаабыт бу үөрүүлээх түгэммэр, миэхэ өскөтө кэлэннэр: «Эн саамай улахан баҕаҥ тугуй?» – диэн ыйытталлар, туох да халбаҥа суох олус долгуйа хардарыам этэ: «Ким да, хаһан да сэрии диэни билбэтин…». 103 стр»
«Өйдөөн кэбис, бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, чэгиэн-чэбдик доруобай дьону иитии – бүттүүммүт соруга. Онон, спордунан хайаан да дьарыктан. Ол эйиэхэ үчүгэйтэн атыны тугу да аҕалыа суоҕа. 133 стр.»
«Утумнаахтык эрчиллэн, улахан спортсмен буолуоххун баҕарар буоллаххына, мин олус үөрэбин уонна ис сүрэхпиттэн алгыыбын. Көрөрүҥ курдук, мин олохпор туох да ураты суох: син эн курдук Саха сиригэр төрөөбүтүм, тыаҕа улааппытым. Маннык дьоллоох үйэҕэ ким ханна төрөөбүтүттэн, туох дьоннооҕунан тутулуга суох академик да, лауреат да, олимпийскай чемпион да буолар кыахтааҕын бэйэҥ бэркэ билэр буолуохтааххын. Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. 134 стр.»
www.keskil14.ru