Хас биирдии оҕо төрөөбүт дойдутун билиэхтээх диэн санааттан биһиги Хатылы нэһилиэгин баһылыгын Вячеслав Егорович Попову көрсөн кэпсэттибит. Нэһилиэкпит ситиһиитин, кыһалҕаларын туһунан атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Вячеслав Егорович Попов дьон эрэлин ылан, баһылык быһыытынан талыллан үлэлээбитэ биир сыла буолла, бэйэтэ төрүт Хатылы нэһилиэгин олохтооҕо.
– Үтүө күнүнэн, Вячеслав Егорович, аҕыйах ыйытыыга хоруйдуургар көрдөһөбүт. Олорор нэһилиэкпит туһунан билиһиннэриэҥ дуо?
– 2021 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн Хатылы нэһилиэгэр уопсайа 1009 киһи олорор. Нэһилиэкпит улахан тэрилтэлэрэ – Болот Боотур аатынан орто оскуола уонна «Ньургуһун» уһуйаан. Оскуолаҕа 208 оҕо үөрэнэр, уһуйааҥҥа 58 оҕо сылдьар. Ону таһынан, балыыһа, бибилэтиэкэ, «Маарыкчаан» потребуопсастыба маҕаһыына, чааһынай маҕаһыыннар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох, биһиги киэн туттуубут – көһөрүллүү туһунан түмэл бааллар. Бары тэрилтэлэр таһаарыылаахтык үлэлии олороллор.
– Нэһилиэкпит историятыттан бэлиэ түгэннэри кылгастык сырдатыаҥ дуо?
– Чэппиэдэй Хатылы нэһилиэгэ тохсунньу 24 күнүгэр 1835 сыллаахха төрүттэммитэ. Онтон ыла биһиги нэһилиэкпит историята саҕаланар. Ааспыт үйэ улахан алдьархайа Аҕа дойду улуу сэриитигэр уопсайа 6 холкуостан 136 киһи Ийэ дойдуларын көмүскүү туруммуттара, сэрии ыар кэмнэригэр 1942 с. Чурапчы оройуонугар сут-кураан туран, 41 холкуоһу күһүн тымныылар түһүүлэрэ, күүс өттүнэн, хоту көһөрүүгэ ыыппыттара. Элбэх киһи Хатылыттан барбыта. Бу алдьархайы сырдатар көһүрүллүү түмэлэ оскуолаҕа «Албан аат» түмэлин иһинэн 1992 с. тэриллибитэ.
1932 сылтан Хатылыга үөрэхтээһин төрүттэнэр, бастакы оскуола арыллар. 2000 сыллахха таас оскуола үлэҕэ киирэр, 2014 сыллаахха саҥа таас уһуйаан аһыллар.
– Нэһилиэкпитигэр туох кыһалҕалар баалларый уонна ону быһаарарга туох үлэ барарый?
– Нэһилиэкпитигэр кэккэ кыһалҕалар бааллар. Олортон билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар биир боппуруоспут саҥа кулууп тутуллуута буолар. Өссө 2017 с. эргэ кулууппут хаарбах туруктаах буолан, дьон мустан сынньанар, араас тэрээһиннэри ыытар анал сирэ суох олоробут. Саҥа кулууп бырайыага эһиил оҥоһуллан бүтэн, «Көһөрүллүү» түмэлэ уонна кулууп дьиэтэ бииргэ тутуллуохтаахтар. Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев манна кэлэ сылдьан, тус хонтуруолугар ылан, мунньах боротокуолугар киирэн турар. Кэнэҕэски сылларга кулууптаныахпыт диэн эрэнэбит уонна онно туһаайан, үлэ ыыта сылдьабыт.
– Эдэр ыччат тыа сиригэр олохсуйарыгар аналлаах туох үлэ барарый?
– Эдэр ыччат тыа сиригэр олохсуйарыгар, бастатан туран, олорорго табыгастаах усулуобуйа наада. Эдэр ыччат, эдэр ыал дьиэлээх-уоттаах, бас билэр уһаайбалаах буоллаҕына олохсуйар. Онон биһиги нэһилиэкпит саҥа кыбартаалыгар 51 уһаайбаны эдэр ыалларга диэн быһан олоробут, аукцион быһыытынан биэриэхтээхпит.
– Эн санааҕар, кэнники сылларга нэһилиэкпит улахан ситиһиитэ тугуй?
– Улахан ситиһиибит быйыл гаас ситимигэр холбоннубут. Инники сылларга үлэлээбит салалта күүскэ ылсан, бырайыагын оҥорторон, быйыл 38 ыал гааска холбонон үөрүүлэрэ үгүс. Эһиил былаан быһыытынан 100% холбонуохтаахпыт.
– Нэһилиэкпит сайдыытыгар биһиги, оҕолор, көмөбүтүн туохха көрөҕүн?
– Ханнык баҕарар нэһилиэк сайдыыта ыччатыттан тутулуктаах. Ол курдук, оҕолор эһиги бэрээдэктээхтик сылдьан, ситиһиилээхтик үөрэнэн, төрөөбүт Хатылыгыт нэһилиэгэр туһалаах дьон буола улаатаргыт наада. Оскуолаҕытын бүтэрэн үөрэх, идэ ылан нэһилиэккитигэр төннөн кэлэн үлэлиир-хамсыыр буоллахытына, дьэ, ол оҕоттон дьиҥнээх көмө буолар.
Карина Петрова, Айтал Яковлев, VII «Б» кылаас,
Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолата
Чурапчы