Мин төрөөбүт нэһилиэгим Хаптаҕай Саха сирин историятыгар бэлиэ миэстэни ылар. Биһиги дойдубут сиригэр-уотугар дьон-сэргэ олохсуйуута XIV-XV үйэттэн саҕаламмыта биллэр.
Нэһилиэк баһылыгын Иван Прокопьевич Зыковы кытта кэпсэтиибин ааҕааччыларбын кытта үллэстэбин.
2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи көрдөрүүтүнэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгэр 1103 киһи олорор. Мантан оҕотун ахсаана – 330, ыалын ахсаана – 357, ыччат – 222, пенсионердар – 241.
– Иван Прокопьевич, кэпсэтиибитин нэһилиэкпит историятыттан саҕалыахха.
– Нэһилиэгин туһунан интэриэһиргээн, миигин кытта кэпсэтэ кэлбиккэр махтанабын. Оҕолорбут нэһилиэк олоҕор интэриэстээхтэрин көрөн үөрэбит.
Хаптаҕай нэһилиэгэ дириҥ историялаах. Тэриллибит сыла – 1822 сыл. Нэһилиэкпит сиригэр-уотугар дьоннор олохсуйуулара өссө XIV-XV үйэттэн ааҕыллар. Хаптаҕай сиригэр, Дьокуускайтан куораттан 30 км тайаан сытар, Тамма үрдүгэр тимири уһаарар собуот турбута. Ол собуот 1734 сылтан 1744 сыллаахха диэри Витус Беринг 2-с экспедициятын хааччыйан олорбута. Кырдьык, Хаптаҕай уустара онно кыттыһан, Витус Беринг экспедициятыгар хараабыл оҥороругар үлэлэспиттэрэ диэн этиэхпитин сөп. Хаптаҕайбыт историятын биир саамай киэн туттуута – биһиги үс Геройдаахпыт. Үс Герой диэн мээнэ нэһилиэккэ суох, бу сэдэх көстүү буолар. Кинилэр кимнээхтэрий? Саха сиригэр бастакы герой диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол – Кеша Алексеев. Норуокка биллэринэн Иннокентий Егорович Алексеев. Биһиги оскуолабыт кини аатын сүгэр. Кеша Алексеев гражданскай сэрии Геройа, ЧОН этэрээт хамандыыра. Иккис геройбут Гаврил Семенович Самсонов 37 сааһыгар Социалистическай Үлэ Геройа буолбута. Кини селекционер-оҕоруотчут. Тымныыга тулуктаһар “Бизон”, “Спартак” помидордар көрүҥнэриттэн “Гибрид Хаптагайский” суорду таһааран, 1 га иэннээх сиртэн 39 тонна үүнүүнү ылары ситиспитэ. Үһүс геройбут билигин биһиги ортобутугар баар – Екатерина Иннокентьевна Новгородова. Кини Социалистическай Үлэ Геройа, агроном, оҕуруот үүннэрээччи. Эһиил 95 сааһын көрсөөрү олоробут.
– Иван Прокопьевич, билигин төһө сүөһүлээх-астаах, сылгылаах олоробутуй?
– Нэһилиэнньэҕэ үүт аһы оҥорон таһаарар хотонноохпут. Онно 179 төбө кыстаан турар. Уопсайа нэһилиэккэ 800-тан тахса ынах сүөһүлээхпит, мантан 250-тан тахса ыанар ынахтах уонна 560-ча сыспай сиэллээхпит.
– Иван Прокопьевич, нэһилиэк ситиһиитин туохха көрөҕүтүй?
– Оҕолорбут үөрэххэ, үлэҕэ ситиһиилэрэ нэһилиэк киэн туттуута буолар дии саныыбын. Икки сыллааҕыта оскуолабыт выпускнига Лидия Иванова нуучча литературатыгар ЕГЭ-ни 100 баалга туттарбыта. Ааспыт сылга оҕолорбут 60 бырыһыаннара оскуоланы мэтээлинэн бүтэрбиттэрэ. Киһи киэн тутта ааттыыр көрдөрүүтэ, ситиһиитэ дии саныыбын.
– Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэкпитигэр туох кыһалҕалаах олоробутуй?
– Социальнай объектарбыт дьиэлэрин-уоттарын туруктара мөлтөх. Холобур, кулууппут, оскуолабыт. Ону туруорсабыт. Дьиҥинэн, сметатын докумуоннара, экспертизэтин түмүгэ баар эрээри, харчытыттан сылтаан, этэргэ дылы, бырайыактарга баппакка олоробут. Нэһилиэкпитигэр оптоволокно киллэриэхпитин баҕарабыт, онно туһаайан үлэлэр бара тураллар.
Тыа хаһаайыстыбатын таһымыгар ылан көрдөхпүтүнэ, ынах-сүөһүбүт, сылгыбыт төбөтүн ахсаанын аччаппат сыал турар. Дьон астаах-үөллээх, байылыат олохтоох, үлэлээх буолуута – тыа сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ турар сүрүн сорук.
– Иван Прокопьевич, нэһилиэк сайдыытыгар оҕолор күүстэрин туохха көрөҕүнүй?
— Оҕо күүһүн, кыаҕын нэһилиэк инники сайдыытын кытта сибээстиибин. Сиригэр-уотугар, дойдутугар чугас, дьонун-сэргэтин ытыктыыр, киһилии сиэрдээх, чиҥ билиилээх, инники көрүүлээх, нэһилиэк сайдыытын туһугар эппиэтинэһи сүгэр кыахтаах оҕолору иитэн таһаардахпытына, сүрүн сорукпутун ситистибит диэм этэ. Өссө төгүл кэлэн барбыккар, нэһилиэк олоҕунан интэриэһиргээбиккэр махтанабын. Өссө да кэлэ сылдьар буолаар.
– Махтал! Инники үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.
Юра Павлов, XI кылаас,
«Кустук» медиа-оскуола юнкора,
Хаптаҕай, Мэҥэ Хаҥалас