Биһиги тапталлаах дойдубут Эбээн Бытантай национальнай улууһун киинэ Түгэһиирбит айылҕата кэрэтинэн, тыйыс тымныытынан, ыалдьытымсах дьонунан биллэр.
Билигин ыытылла турар үлэ-хамнас, болҕомтону эрэйэр тутаах боппуруостар туһунан нэһилиэкпит аҕа баһылыгын Сергей Сергеевич Аликовы көрсөн кэпсэттибит.
Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэкпитигэр 2223 киһи олорор. Ыалын ахсаана – 379, оҕотун ахсаана – 715, эдэр ыччата – 630, пенсияҕа тахсыбыт олохтоохтор – 315, тыыл бэтэрээнэ – 4.
– Сергей Сергеевич, биһиги нэһилэкпит саамай уратыта, Эһиги санааҕытыгар, туохха көстөрүй?
Биһиги улууспут, нэһилиэкпит Арктика эргимтэтигэр киирсэр. Билэргит курдук, улуус экономикатын сүрүн хайысхата – тыа хаһаайыстыбата. Биһиги үс салааны барытын тэҥҥэ тутан олоробут: табаны, саха боруодатын сүөһүтүн, сылгыны иитии. Мин санаабар, бу Арктика улуустарыттан биһиги сүрүн уратыбыт буолар. Маны тэҥэ Эбээн Бытантай национальнай улууһа (оройуона) өрөспүүбүлүкэҕэ саамай эдэр муниципальнай тэриллии буолар. Манан сирдэтэн эһиэхэ эмиэ ыйытыы биэриэхпин баҕарбын. Биһиги оройуоммут хас сыллаахха тэриллибитэй?
– 1989 сыллаахха.
– Саамай сөп. Уонна бэлиэтээн эппиккит курдук, айылҕабыт кэрэтэ, уубут, салгыммыт ырааһа улууспут уратыта буолар.
– Тыа хаһаайыстыбата биһиги сүрүн хайысхабыт диэтигит. Бүгүҥҥү туругунан табабыт, сүөһүбүт, сылгыбыт ахсаана төһөнүй?
– Табабыт уопсай ахсаана 7016 төбө, манна бааһынай хаһаайыстыбалар уонна сопхуоспут иитэр табалара барыта киирэн турар. Мантан 5004 тыһы таба. Сылгыбыт кэнники сылларга биллэ билиннэ – 1016 төбө буолла, онтон 399-һа биэ. Ынахпыт ахсаана – 255, ыанар ынаҕа – 114.
– Түргэнник ситэр салаа үлэтин туһунан сырдата түһөххүт дуо?
– Үлэ бу хайысхатын 2020 сылтан үлэлэтэбит. Биэс сыллаах улуустааҕы улахан быраграмма оҥоһуллубута. Нэһилиэк дьаһалтата олохтоохтортон бастаан сайаапка хомуйар уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар туттарбыт. Салгыы Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабриканы, Хатастааҕы свинокомплексы кытта үлэлэһэбит. Онтон «Полярные авиалинии» авиахампаанньаны кытта дуогабардаһан, олохтоохтор биэрбит сайаапкаларынан кууруссалары, сибиинньэлэри тиэйэн аҕалабыт. Бу биир сырыыта сүрдээх ыарахан сыаналаах буолла. Онон быйыл тиэйэн аҕалыы өттүгэр уустуктардаах соҕус буолла. Манна биһиги тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтэ ыытар күрэҕэр кыттыыны ылабыт. Ол түмүгэр айан ороскуота сабыллыахтаах. Бу үлэбит ситиһиилээх буолуоҕа диэн эрэнэбит. Быйыл улуус үрдүнэн 500 кууруссаны, 22 сибиинньэни аҕаллыбыт. 343 кууруссаны Түгэһииргэ, уоннааҕытын улуус атын нэһилиэктэригэр сайаапка быһыытынан тарҕаттыбыт. Бу бырагырамма үлэлээн нэһилиэнньэ сайын устата куурусса ииттэр, сибиэһэй сымыытынан хааччынар.
– Кэнники биэс сылга биһиги нэһилиэкпитигэр саамай улахан ситиһии, Эһиги санааҕытыгар, тугуй?
– Улахан ситиһиибит – саҥа оскуолабыт дьиэтэ дьэндэйэн турар. Сэтинньигэ ситэн-хотон үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбит. Иккиһинэн, нэһилиэкпит кыраныыссата кэҥээтэ, саҥа генеральнай былаан оҥоһулунна. Дьиэ туттуон баҕалаах элбэх, эдэр ыалтан сайаапка киирэ турар. Сирбит тиийбэт эбит буоллаҕына, билигин биһиги үгүс үлэ ыытан сирбитин кэҥэтэн биэрдибит. Аны хаарбах дьиэттэн көһөрүү быраграамманан үс дьиэ тутуллуохтаах. Билигин биир дьиэбит бүтэн эрэр. Маны тэҥэ саха ынаҕар саҥа механизированнай хотон тутуллубута. Ити курдук нэһилиэкпит кэҥээн, саҥа тутууларынан тупсан, сайдан иһэр.
– Сергей Сергеевич, онтон сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
Билигин тирээн турар сытыы боппуруос – саҥа хочуолунай тутуута. Бу кыһалҕа турбута 15 сыл буолла. Киин ититэр ситимҥэ нэһилиэкпит биир түөлбэтэ холбоммокко турар. Баһылык дуоһунаһыгар талыллан үлэбин саҕалыахпыттан ыла бу боппуруоска күүскэ үлэлэһэ сылдьабын. Биһиги тымныы усулуобуйаҕа олорор буоламмыт, сылаас дьиэ сүрүн кыһалҕабыт буолар. Иккиһинэн, суолбут хаачыстыбата мөлтөх. Манна ханнык технологияны туттарбытын чинчийэн үөрэтэ сылдьабыт. Үсүһүнэн, нэһилиэк иһигэр хааттаран турар уулар элбэхтэр. Онон «водоотведение» үлэтэ барыан наада. Төрдүһүнэн, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү кыһалҕата турар. Хоту сиргэ дьон үчүгэй усулуобуйаҕа олоруон баҕарабыт.
Оҕо нэһилиэк олоҕор кыттыытын туһунан Сергей Сергеевич Аликов санаата
Бастатан туран түмсүүлээх, эйэлээх, көхтөөх буолуҥ. Нэһилиэкпит ыраас буоларыгар кыһаллыҥ, бөҕү-сыыһы ыһа-тоҕо сылдьымаҥ, былаһааккалары алдьатымаҥ, харыстааҥ. Маны тэҥэ сайыҥҥы сынньалаҥҥа волонтерскай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыыны ылан нэһилиэк тупсарыгар бэйэҕит кылааккытын киллэриэххитин сөп. Түгэнинэн туһанан өссө биири этиэм этэ: оскуолаҕа кэлэргитигэр ыттаргытын батыһыннарымаҥ, баайан, дьиэҕитигэр хаалларыҥ.Бу көрдөххө, кыра эрээри, киэҥ ис хоһоонноох, хамсааһыны таһаарар, көмөлөөх хардыылар.
– Сергей Сергеевич, хоруйдарыҥ иһин махтал!
Аделаида СЫРОВАТСКАЯ, VII кылаас,
Конон ГОРОХОВ, VIII кылаас,
«Түгэһиир саһарҕалара» пресс-киин эдэр корреспонденнара,
Саккырыыр орто оскуолата, Батаҕай Алыта,
Эбээн Бытантай национальнай улууһа.