Быстах байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар харчынан көмөлөһөр сыаллаах Ороһу орто оскуолатын кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин күүһүнэн кэнсиэр буолла. Кэнсиэр кэмигэр биирдиилээн дьонтон киирбит таҥаһы-сабы, аһы-үөлү, оҕолор суруктарын Дьокуускайга баар анал пууҥҥа бу күннэргэ тиксэриэхтээхтэр.
Кэнсиэркэ «Тулуйхан» оҕо, учууталлар ансаамбыллара, уолаттар бөлөҕүнэн ааҕыылара, кыргыттар үҥкүүлэрэ, учууталлар, үөрэнээччилэр холбоһуктаах хордара көрдөрүлүннэ.
Ороһу нэһилиэгиттэн аҕыс эдэр дьон Украинаҕа буола турар быһыыга-майгыга ыҥырыллыбыт анал дьайыыга сулууспалыы сылдьалларыттан, үс байыас дойдуларыгар кэлбиттэр, биэс байыас өссө да сулууспалыы сылдьалларыгар анаан кэнсиэртэн киирбит уон алта тыһыынча биэс мөһөөк солкуобайга эбии олохтоох дьаһалта биэс тыһыынчалыыны хас биирдиилэригэр эбэн бу күннэргэ ыыталларын туһунан иһитиннэрдилэр.
Биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ сылдьан, дойдуларыгар эргиллэллэрин туһугар олохтоохтор эрэлбит күүстээх!
Алина Яковлева «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.