Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ. Хаҥалас улууһун Тиит Эбэ санаторнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ төрөөбүт тылларын таптыыллар, биир саастыылаахтарын сахалыы кэпсэтэргэ, ийэ тылы үөрэтэргэ ыҥыраллар.
Төрүт баайым — төрөөбүт ийэ тылым. Ийэм миэхэ – күндү киһим. Тылым миэнэ — төрүт төлкөм. Саха тылын, литературатын, култууратын төһөнөн элбэҕи билэбит да, соччонон биһиги байабыт, сайдабыт. Мин саха ийэлээхпин, саха оскуолатыгар үөрэнэбин, астынабын, киэн туттабын. Биһиги төрөөбүт ийэ тылбыт, сахабыт тыла, үрүйэ уутунуу ыраас, сир симэҕинии сиэдэрэй. Саха тыла билигин киэҥник туттуллар, сайдар, төрөөбүт тылбытын харыстаан, көҥүллүк саҥарыахтаахпыт.
Тая Синягина, VIII кылаас.
Төрөөбүт тылым. Тыл — норуот кута. Тылбыт сүттэ да норуот сүтэр дии саныыбын. Биһигини төрөөбүт тылбытыгар үөрэтэр, 40 сыл учууталлыы сылдьар, саха тылын ис дууһатыттан таптыыр, чиҥэтэн үөрэтэр, оҕолорго киэҥ билиини биэрэр, Скрябина Раиса Гаврильевна буолар. Уруоктарга биһиги интэриэспитин тардар гына элбэх матырыйаал бэлэмниир, киинэ көрдөрөр, кэпсиир.
Оҕолор, төрөөбүт тылгытын үөрэтиҥ, элбэхтэ кэпсэтиҥ.
Дима Шестаков, VII кылаас.
Cанаторнай оскуола, Тиит Эбэ, Хаҥалас.