Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» куонкурус кыттыылааҕа — Инесса Бочкарева, Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1-дээх орто оскуолатын 5 «г» кылааһын үөрэнээччитэ.
Үлэм актуальноһа. Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат дииллэринии мин ийэм, аҕам, эбэм, эһэм бааллара олус үчүгэй. Кинилэр биһиги үчүгэй дьон буолан тахсарбытыгар көмөлөһөллөр.
Кэрэхсэбиллээх элбэх кэпсээннэриттэн, ахтан аһарыыларыттан дьонум тустарынан үгүс интэриэһинэйи билэбин, истэбин. Өссө хос эбэлэрим, эһэлэрим тустарынан, кинилэр хайдах сиргэ олорбуттарын, тугунан дьарыктаммыттарын билиэхпин баҕарабын.
Мин удьуордарбыттан туох талааны ылбытым буолуой, тугунан дьарыктаныахпын сөбүй? Ханнык идэ миэхэ ордук чугас эбитий диэн ким баҕарар толкуйдуура буолуо дии саныыбын. Дьэ, ол иһин мин төрүттэрбин билэр, кинилэр олохторун билсэр соруктаах үлэбин саҕалаатым.
Дакылаат сыала: төрүт дьонум туһунан билиибин хаҥатыы, удьуор аймахха тутуһуллар традициялары мунньуу, көлүөнэ дьоннорум төрүччүлэрин маһын оҥоруу. Остуолга уурар хаартыска альбомун оҥоруу.
Бырайыак салайааччылара: Рожина Е.Т.., Лыткина Л.Б.