Дьокуускай 17 №-дээх оскуолатын V «В» кылааһын оҕолоро дьиэтээҕи доҕордорун туһунан суруйаллар.
Саргы Филиппова:
— Дэриэбинэҕэ олорор эрдэхпитинэ Мохсо диэн ыттаах этибит. Мохсону сайын биир киэhэ аҕам аҕалбыта. Оччолорго мин алта саастаах этим. Ыты көрөн, олус үөрбүтүм. Сонно тута эдьиийбиниин толкуйдаан баран, Мохсо диэн ааты биэрбиппит. Кини муус маҥан өҥнөөх, төбөтүн диэкинэн бээтинэлэрдээх этэ. Ыппыт мэниктиирин уонна аhыырын ордороро. Мин кинилиин күнү быhа оонньооччубун. Миэхэ үөрэ-үөрэ кэлээччи, сирэйбиттэн салааччы.
Наар бааллан сытар буолан, биирдэ эмэ босхо бардаҕына, ыттары кытта охсуhааччы. Биирдэ кулгааҕын хайы таттаран кэлбитигэр, барахсаммын наhаа аhыммытым. Бааhын ыраастаан эмтээбиппит. Биhиги онтон куоракка көспүппүт. Мохсону аймахтарбытыгар хаалларбыппыт. Билигин да ыппын ахтабын, саныыбын.
.
Уйгууна Павлова:
— Миэхэ наhаа үчүгэй уонна күлүүлээх куоскалаахпын. Мурсик диэн ааттаах. Кини наhаа кыраhыабай, маҥан истээх, кугас дьүhүннээх, уhун кутуруктаах, кып кыра муруннаах, сырдык саhархайдыҥы харахтаах. Кини күнү быhа мэниктиир, оонньуур, аhыыр уонна утуйар. Мин кинини наhаа таптыыбын. Кини миэхэ оҕом курдук.
Хоютанов Олег:
Куоскам Нубик диэн ааттаах. Улахан, хара өҥнөөх, биэс саастаах. Сырдык харахтаах, кулгааҕа тура сылдьар. Кини ордук саhа оонньуурун сөбүлүүр. Миигин хантан тахсарбын кэтэhэн олорор буолар. Наhаа күлүүлээхтик төбөтүн хамсатааччы. Ордук сөбүлээн кэмпиэт суутунан, быаҕа баайыллыбыт салфеткатынан оонньуурун сөбүлүүр. Куоскам — чугас доҕорум.
Тоноев Дамир:
Мин ыппын олус күүскэ таптыыбын. Кини аата Кеньдик, боруодата самоед лайка. Ытым олус хойуу маҥан түүлээх. Сарсыарда эрдэ сибиэhэй салгыҥҥа күүлэйдиибит. Сайын ытым күөх киэҥ хонууга төттөрү-таары сүүрэрин, ууга киирэн харбыырын, уҥуох кирэ оонньуурун уонна кутуйахтыырын сөбүлүүр. Оттон кыhын мин хайыhар кэтэн баран кини быатыттан тутан, соhуллан хатааhылыырбын наhаа астынабын. Ыппын кытта сырыттахпына, миигин көмүкүүр, харабыллыыр. Ыттаах олус үчүгэй, Кеньдик саамай эрэллээх доҕорум буолар.