1612 сыллаахха сэтинньи 4 күнүгэр норуот сэрииһиттэрэ земскэй ыстаарыста Кузьма Минин уонна кинээс Дмитрий Пожарскай салалталарынан Москваны поляктартан босхолообуттар. Бу күнү Сомоҕолоһуу күнүнэн биллэрбиттэр.
«Сомоҕолоһуу диэн тугуй?», — диэн боппуруос тула оҕолору кытта кэпсэттибит.
Алина Ласточкина, 5 кыл.: «Баар дьон биир санааҕа түмүллэн, барыны бары сатыырбыт».
Алина Тарасова, 6 кыл.: «Сомоҕолоһуу диэн биир сыаллаах, санаалаах буолуу. Норуот иллээх, эйэлээх буолааһына».
Арчылаана Васильева, 6 кыл.: «Бары бииргэ мунньустан сылдьарбыт сомоҕолоһуу диэн буолар. Быыбардага бары сомоҕолоһон дойду бэрэсэдьиэнин талабыт».
Гена Иванов, 6 кыл.: «Сомоҕолостоххо кыаллыбат да кыаллар. Оччоҕо бары кыайыылаах буолабыт».
Саша Егоров, 7 кыл.: «Бары биир киһи туһугар, биир киһи бары дьон туһугар диэн өйдөбүллээхпин».
Кирилл Быккасов, 7 кыл.: «Россияҕа олорор араас омуктар бары бииргэ буолар күннэрэ».
Ксения Семёнова, 8 кыл.: «Сомоҕолоһуу күнүгэр Саха сиригэр олорор омуктар түмсэннэр бэйэлэрин култуураларын билиһиннэрэ киэҥ эйгэҕэ тахсар күннэрэ. Бары биир ситим буоланнар үөрэллэр-көтөллөр, инники олоҕу түстүүллэр».
Ити курдук оҕолор санаалара биир: бары норуоттар сомоҕолоһон, биир дьиэ кэргэн курдук олорорбутугар диэн.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.