Биhиги кылааспыт салайааччыта — Светлана Васильевна Ноговицына. Кини бэйэтэ идэтинэн география учуутала буолао. Кини — мин санаабар, биhигини өйдүүр учууталлартан биирдэстэрэ. Хайа да түгэҥҥэ, алҕаhыыр да кэммитигэр, куруутун өйдүүр-өйүүр. Светлана Васильевна олус бэhиэлэй, оҕону кытта оҕо буолар. Кинини кытта оонньуурга, кэпсэтэргэ даҕаны наһаа интэриэhинэй. Учуутал быhыытынан наhаа эппиэтинэстээх, хас биирдии тиэмэни сиhилии кэпсиир-өйдөтөр.
Кылааспыт салайааччытын Светлана Васильевнаны наhаа таптыыбыт, туох баар кэрэни баҕарабыт! Уонна биһиги курдук орой мэник оҕолору хайдах тулуйа сылдьарын сөҕөбүт, муҥура суох махтанабыт.
Учуутал күнүнэн оскуолабыт, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит бары учууталларын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Лена Заборовская, 9 кылаас.
Боронук, Дьааҥы.