Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ «Оҕолорго сурутуута бэлэхтээ» диэн үгэс буолбут аахсыйаҕа кыттыыны ыллылар.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата сылын аайы тэрийэр үгэс буолбут аахсыйатыгар СӨ «Сахабэчээт» генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Михайловна Стручкова эмиэ көхтөөхтүк кыттан, бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрдэ.
Бу күн «Почта России» үлэһитэ барыта 44 сурутууну «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата таһаарар «Чуораанчык», «Колокольчик+», «Юность Севера: Arctic ideas» сурунаалларга уонна «Кэскил» хаһыакка оҥордо.
Күндү эбээлэри, эһээлэри, нэһилиэктэр бэтэрээннэрин, дьокутааттарын, тэрилтэлэр үлэһиттэрин, уопсастыбынньыктары бу бэртээхэй саҥа дьыллааҕы үтүө аахсыйаҕа ыҥырабыт!
Оҕолорбутугар ааҕар эйгэни бары бүттүүн тэрийиэҕиҥ! Ааҕар оҕо сайдыылаах, санаатын сааһылаан этэр буолар, суруйар, айар дьоҕура сайдар.
Аахсыйа туһунан сиһилии видеоҕа көрүҥ.