«Биһигини атаара тахсыбыт Борускуо эмээхсин үрүҥ былаатын сэгэччи баанан, быар куустан, элбэх ханыылаах ытык сэргэ курдук, тиэргэн ортотугар туран хаалбыта. Ийэ туран хаалбыта. Кини аны алта уол эрэ тапталлаах ийэтэ буолбатах. Бүтүн отделение, сүүһүнэн эдэр дьоннор ытыктыыр, ахтар, сүбэ-соргу эрэйэр, сураһар ийэлэрэ. Киниэхэ сүгүрүй, сиргэ тиийэ, дириҥник, дьыл-күн ааһар тыалын-кууһун дууһатыгар иҥэриммит, бу кэрэ, илгэлээх сири-уоту умсулҕаннаахтык таптаабыт хорсун, хоһуун, сааһырбыт ийэҕэ».
Василий Титов, суруналыыс, суруйааччы
«Эдэр коммунист» хаһыат «Сир уонна дьоннор» рубрика, 1985 с.
***
Бу 1980-с сыллар саҥаларыгар Амма кырыс сирин туһаҕа таһаарыы саҕана Олом Күөл саҥаттан дьиэлэнэн-уоттанан, дьон-сэргэ олохсуйан туспа бөһүөлэк быһыытынан тэриллэн, хаттаан атаҕар туран эрэр өрө күүрүүлээх кэмнэрэ этэ.
Борускуо – Прасковья Васильевна Кузьмина. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри төрөөбүт дойдутун, сирин-уотун көрөн-истэн, иччилээн олорбут Хомпу Наахара Хоһуун Хотуна.
УҺААРЫЛЛЫЫ
Борускуо 1919 сыллаахха, бэйэтэ этэрин курдук, бурдук буһуутун саҕана, I Наахара нэһилиэгин Долборуктаах сайылыгар төрөөбүт. Дьоно Марфа Митрофановна, Иван Кононович Гаврильевтар. Ийэлэрэ олохтон эрдэ туораан, түөрт оҕо төрдүөн аймахтарынан үллэһиллэн иитиллибиттэр. Ийэтэ өлөрүгэр аҕыс ыйдаах хаалбыт кыыһы таайа Василий Митрофанович Куприянов-Дадай Уус иитэ ылбыт. Балтын Марфаны от ыйын ортото уҥуох тутан, ийэ сирин булларан баран, аҕыс ыйдаах кыыһы балык сүгэр туос тымтыйыгар уган илдьэ барбыт. Дадай Уус Дьараайыга сайылыктанан, Хойуоҕа кыстыктанан олорбут. Тимир ууһа былыр-былыргыттан үрдүктүк сыаналанар, улуустан улууска, алаастан алааска, ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьара. Дадай Уус эмиэ, бэйэтин олорон ааспыт кэмигэр, киэҥ сырыылаах, нэһилиэк туттар тимир малын, иһитин-хомуоһун барытын оҥорон таһаарар уус эбит.
«Уһанар балаҕана уотунан кытыастан сандааран олороро биэрэстэлээх сиртэн көстөрө», – диэн кырдьаҕастартан хаалбыт уос номоҕо күн бүгүнүгэр диэри кэпсэнэр. Дадай Уус күлүмүрдүү умайар уотун суоһугар Борускуо олох ыарахаттарын эрдээхтик туоруур тулуура, дьулуура тэҥҥэ уһаарыллан, хатарыллан тахсыбыта. Кырдал устун дьиэрэкэй тэбэ сылдьар кырачаан кыыс оччолорго хантан билээхтиэй улахан олох суолугар кинини хайдахтаах курдук уустук моһоллор, түһүүлэр-тахсыылар күүтэллэрин?!
ЫЛЛЫК СУОЛ
– Ийэм Прасковья Васильевна үс кылаас үөрэхтээх. Оччолорго оскуола Чыраайыга баар. Ити ийэм олорор Дьараайытыттан биэс километрдаах сир. Аҕата Дадай Уус мындыра диэн сүрдээх эбит. Кыыһа оскуолаҕа кэлэригэр-барарыгар табыгастаах буоллун диэн, Дьараайыттан Чыраайыга диэри сиһи бата быһалыы сылдьар ыллык суолун тэлэн биэрбит. “Аҕам миэхэ эрэ анаан оҥорбут суолунан күн аайы оскуолабар кэлэн-баран элэстэнэр этим”, – диэн кэпсиир буолара. 11 саастааҕар ииппит ийэтэ олохтон туоруур. Инньэ гынан үһүс кылааһын ситэ бүтэрбэккэ, оскуолаттан тохтуур, аҕатыгар көмө киһитэ буолар. Үөрэх дьылын түмүгэр ийэбэр үчүгэй үөрэҕин иһин мыыла бэлэх ыыппыттар. Көр, оччолорго даҕаны бастыҥ үөрэнээччини бэлиэтиир үгэс диэн баар эбит ээ! Ийэм “үөрэҕи наһаа түргэнник ылынар, олох ыарырҕаппат этим” диэн кэпсиирэ. Ситэ бүтэрбэтэх үс кылаас үөрэҕэ ийэбэр элбэҕи да биэрбит эбит диэн билигин сөҕөбүн. Кинигэни батыһа сылдьан ааҕара, олус үчүгэй буочардаах суруксут, санаатын сайа этэн кэбиһэр хоһоонньут бэрдэ, улуус хаһыатыгар дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир элбэх ыстатыйалар ааптардара этэ, – диэн кэпсиир улахан уола Василий Петрович Кузьмин.
АРЫЛЛЫБАТАХ КЫРДЬЫК
Борускуо сааһын ситэн, сиргэ кэлбит аналынан 19 саастааҕар ыал буолар. Кэргэнэ Роман Иванович Кузьмин В.М. Молотов аатынан холхуос бэрэссэдээтэлэ этэ. Уол оҕоломмуттара ыйтан эрэ ордук кэм буолан, аннараа дойдуга төттөрү бараахтаабыт. Аны сут-кураан дьыллар сатыылааннар, дьон хоргуйан өлүүтэ элбээбит. Холкуос бэрэссэдээтэлэ ону көрөн олорон, дьонун аһынан, ыал аайы 5-тии киилэ малатыылкаҕа түһэриллэр торуччу аҥаардаах бурдук атаҕын түҥэппит. Роман Иванович үтүө санаатын сабардыыр, кэтэх өттүттэн көрөр дьоннор күөрэс гына түспүттэр. Тыллабыр киирэн, холкуос бэрэссэдээтэлин тутан илдьэ барбыттара. Судаарыстыба баайын ороскуоттуур “норуот өстөөҕө” аатыран, үс сыл Эһэ Хайа хаайыытыгар утаарыллыбыт. Ол дойдуттан тыыннаах эргиллибэтэх.
Ийэм олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ыһыктыбакка илдьэ сылдьыбыт ыар таһаҕаһа ити этэ. Нэһилиэк дьонун туһугар хорсун хардыыны оҥорбут киһини тоҕо, кимнээх үҥсэн биэрбиттэрин таайа сатыыр мөккүөрүгэр да киирэн ылара. Өйө-санаата хаҕыс сыһыаны кытта сөпсөспөтө. Ийэбит бастакы доҕорун үтүө аатын төнүннэрдэрбит ыар таһаҕаһы киэр илгиэ этибит. Оҕолоро, сиэннэрэ бэйэбит кэммитигэр арыллыбатах кырдьык ис дьиҥин арыйары ситистэрбит ханнык, – диэн этэр Василий Петрович.
ЫАР СЫЛЛАР
Уоттаах сэрии ыар сылларын 21 саастаах эдэркээн кыыс сирэй сирэйгэ көрсөр. “Ким уйана-хатана көстүөҕэ. Мин да туруулаһа сатыырым буолуо” диэн кыыс өссө дьиппинийэн, кытаатан биэрэр. Дьэ тыыллан-хабыллан, үүнэн-үрдээн иһэр Бороскуо көлүөнэтин уолаттарын барыларын имири хомуйан сэриигэ утаараллар. Оҕонньоттор, дьахталлар, оҕолор эрэ хаалаллар.
Борускуо төрүкү кыанар, иҥиирдээх кыыс буолан холкуоска эр киһи үлэтин барытын толорон, икки хараҥаны ыпсаран, үлэ үөһүгэр түспүтэ. Сэрии ыар сылларыгар дойдутун олоҕун-дьаһаҕын сүрүннүүр, дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр тутаах киһилэринэн буолбута.
Сотору Саха сирин холкуостарыгар кыайар-хотор дьоннорун, көлөлөрүн көмүс бириискэлэригэр таһаҕас таһыытыгар хомуйан ыытарга сорудах кэлэр. Наахараттан Молотов аатынан холкуостан Прасковья Васильевна Кузьмина аата биир бастакынан ааттанар. Инньэ гынан 20-н эрэ ааспыт кыыс саамай ыарахан, кытаанах айаннаах Ыныкчаан, Элдьикээн, Ааллаах Үүн бириискэлэригэр түөрт кыһын устата таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. Сэтинньи ыйга турунан баран, саас хаар ууллуута биирдэ дойдуларын булаллара.
“1944-1945 сыл Элдьикээҥҥэ таһаҕаска сылдьыбытым. 1947 сыллаахха Элдьикээнтэн 1000 биэрэстэ ыраах сиргэ Ыныкчаан бириискэтигэр миигин соҕотох дьахтары ыыппыттара. Түөрт аты көлүйэн, Устинов Анрей Яковлевич уонна Бубякин Петр Николаевич диэн икки дьүлэй киһини кытта баран эрэй бөҕөтүн көрбүтүм. Ат да көлөтүннүн, сыарҕа да түҥнэһиннин – хаһыытаа да хайаа, олох истибэттэр. Элдьикээнтэн 500 биэрэстэ сиргэ хаар халыҥа сэттэ чиэппэр дииллэрэ. Бастаан Өнньүөстэри, Мэҥэ Хаҥаластары, уоннааҕыларын өйдөөбөппүн, барыта биэс холкуоһу кыттыһыннаран кураанах сыарҕанан суол хайыттара ыыппыттар этэ. Атын холкуостар Элдьикээн эргин 50-70 биэрэстэ сиртэн от таспыттар. Ол биэс холкуос ыйтан ордон, күҥҥэ нэһиилэ биэс биэрэстэ сири бараллара үһү. Суол тэлээччилэрбит силлиэ бөҕөҕө ылларан, хайа икки ардыгар тарыҥ бөҕөҕө түбэһэн, сирэй-харах көстүбэт гына үлүйэн, аттара маска өйөнөр гына ыран Элдьикээни булбуттар этэ. Ол дьону дойдуларыгар төнүннэрбиттэрэ. Хайыллыбыт суолунан салгыы биһигини, Молотов аатынан, Алтантан “Киров”, “Бөҕөргөтүү”, Мэҥэ Хаҥаластан “Коммунизм”, “Чапай” холкуостары ыыттылар. Суолбут икки өттө хайа курдук оҥойон олорор. Буолумуна, сэттэ чиэппэр халыҥнаах хаар! Ол устун айаннаан төһө дуомнаах сири өтүөхпүтүй. Симиэбийэ икки арда 30-35 биэрэстэ. Онно икки хонон түүн тиийэбит. Аһаҕас халлаан анныгар хаар үрдүгэр хонон турабыт, тоҥумаары эккирээ да эккирээ, битий да битий. Төгүрүк сууккаҕа аһаабакка, тоҥ лэппиэскэни тиниктэһэ сатыыбыт. Хаар үрдүгэр оттубут кутаабытыгар үтүллэн көрөбүт да туох туһата кэлиэй, хата, эбии хам тоҥор курдуккун. Олоҕум саамай ыар, күчүмэҕэй күннэрэ, өйтөн тахсыбат эрэйи көрбүт сылым ити – 1947 сыл этэ”, – диэн Прасковья Васильевна Кузьмина 1991 сыллаахха бэйэтин ахтыытыгар суруйбут.
Прасковья Васильевна кэлин сааһыран олорор кэмин биир түгэнин уола Василий Петрович умнубат: ”Ийэм араадьыйа истэ олорор уонна тэбис-тэҥҥэ кэпсэтэр. “Иккиэ эбиппит дии, биһиги. Мин эмиэ сылдьыбытым ээ. Оо, ама да ааспытын иһин Ыныкчаан бириискэтигэр ыарахан да айан этэ, Таанньа”, – диир. Мин наһаа дьиктиргээтим. “Араадьыйаны кытта кэпсэтэҕин дуо?” – диэн ыйыттым. Онтукам Ыныкчааҥҥа таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт Таатта Дэбдиргэтиттэн Татьяна Седалищева-Таатта Таанньатын туһунан кэпсииллэр эбит. Ийэм ону истэн сүрдээҕин уйадыйбыт, долгуйбут этэ”.
Бу уустук сырыы туһунан суруналыыс Прокопий Караканов “Саха сирэ” хаһыакка суруйан хаалларбыта эмиэ баар: “Көмүс бириискэлэригэр таһаҕас таһыыта. Бу – сэрии ыар сылларыгар, аччыктааһын, хоргуйуу кэмигэр Саха сирин холкуостаахтарын өлбөөдүйбэт хорсун быһыылара. Оччолорго, ол кытаанах айаҥҥа сылдьан Прасковья Васильевна оҕолонон-урууланан, сиэннэрбин, хос сиэннэрбин көрүөм дии санаабыта буолуо дуо? Суоҕа чуолкай. Оччолорго кини санаата, баҕарар баҕата таһаҕаһы аналлаах сиригэр тириэрдэ охсуу, Силлиэмэн силлиэтигэр түбэспэккэ, тарыҥҥа ылларбакка этэҥҥэ айаннааһын, биирдэ эмэ сылаас дьиэҕэ-уокка хонон ааһыы курдуктарга түмүллэрэ эбитэ буолуо. Кини тыыннаах ордубута, 84 сааһыгар тиийбитэ – оҕолорун, сиэннэрин дьоллоро тартаҕа”.
БОРУСКУО ДЬОЛО
Таһаҕас таһыытыттан этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлбит дьолун бэлиэтигэр дьылҕата уол оҕону бэлэхтээбитэ. Ити 1948 сыллаахха этэ. Оҕоҕо сүтүктээх аҥардас ийэ уолун муннун анныгар укта сытар баҕаттан, холкуоһугар үүт астааччы учуоттааччынан, онтон тылланан туран ыанньыксытынан киирбитэ. Уола биэстээҕэр 1953 сыллаахха Егор Николаевич Константиновы кытта ыал буолбуттара. Олох ыархаттарын эттэринэн-хааннарынан билбит икки тулаайах дьон бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, өйөһөн эйэ-дэмнээхтик олорбуттара. Утуу-субуу уолаттара Николай, Андрей, Ваня, Гоша, Никодим төрөөбүттэрэ. Борускуо биир бэйэтэ алта уол ийэтэ буолбута.
Кэргэнинээн Егор Николаевичтыын холкуос хара үлэтин үрэх баһыгар олорон толорбуттара. Алта уу-кырбас оҕолорун кыбыммытынан, малларын тэрийэн, ат, оҕус көлөнөн көһүү сүпсүлгэнэ – барыта ийэлэрин Прасковья Васильевна үрдүнэн буолара. Буруттаахха, Дирээҥҥэ, Билиилээххэ, Саппыйаҕа, Даккыга, Хорбукка, Үҥкүргэ, Олом Күөлгэ бэйэтигэр көһө сылдьан кыстыыллара. Чоноойуга, Хайахтаахха, Үчүгэй Алааска, Ураһалаахха, Дьараайыга сайылаан, холкуос субан сүөһүтүн көрөллөрө. Маннык көһүү сүпсүлгэнигэр сылдьан, уолун Ванятын уонна кэтэһиилээх кыыһын Чоноойуга буор муосталаах, көмүлүөк оһохтоох сайылык дьиэтигэр төрөппүт. Уол атаҕынан кэлэн, төбөтүттэн иҥнэн өр эрэйдэммит. Хата, баабыскаһыт эмээхситтэр Араппыайа, Өрүүнэ сатабылларынан этэҥҥэ быыһаммыт. Кэтэһиилээх кыыһа төрөөн баран, аҕыйах ыйдааҕар төттөрү төннөн, дьиэ кэргэн бары айманан ааспыт ыарахан күннээхтэр этэ. Борускуо ити олоҕун устата аһыйбыт ыар сүтүгэ этэ. 70 сааһыгар тиийэн олорон: “Дьылҕабар, саатар, биир кыыс оҕону утары уумматаҕар хом санаалаахпын. Кыыс оҕолордоох дьахталларга ымсыырарым кэмнээх буолуо дуо”, – диэн сүтүктээх ийэ хомолтотун сурукка тиһэн халларбыта баар.
Бэйэлэрэ даҕаны үрэх баһыттан үрэх баһыгар көһө сылдьан кыстыыр, сайылыыр ыалы, букатын да, аҕаларын туура тутан ылан, иккилии-үстүү ый Алданынан, Уус Майанан түүлээх булдугар ыыталлара. Аны “сылгылар ырыганнаан эрэллэр, кэлэ тарт” диэн Оломтон Эмискэ Хоҥхоойукуга ыҥыран ылаллара.
– Үрэх бастарыгар холкуоска сүөһү-сылгы көрөн олорор эрдэхтэринэ, ийэбит соҕотох дьахтар этэ. Аны сүөһү көрүүтүгэр үлэлиир быстах соҕотох эр дьону биһиэхэ олордоллоро. Ол аһын-үөлүн ийэбит бэйэтэ астыыра, бэлэмниирэ. Биһиги уолаттар дьиэ үлэтигэр дуома суох көмөлөөх дьон буоллахпыт. Ол да иһин ийэбит кыыс оҕото суоҕуттан хомойон эрдэҕэ. Ама да ааспытын иһин, ити барыта биир дьахтар нарын санныгар сүктэриллибитэ ыарахан ээ. Наар “сэрии эрэ буолбатар, оҕолорум эрэ аччыктаабакка, хоргуйуу диэн тугун билбэккэ улааттаргыт”, – диэн баарынан-суоҕунан маанылаан, аспытын-үөлбүтүн, таҥаспытын-саппытын бэрийэн, сүрэҕин сылааһын хас биирдиибитигэр анаан улаатыннарбыта. Үрэх баһыттан үрэх баһыгар көһө сылдьан сүөһү-сылгы үлэтигэр күн солото суох түбүгүрэр ыал туох баайдаах-дуоллаах, дэлэй астаах-үөллээх буолуохпутуй. Таҥас-сап да мөлтөх.Ол эрээри ийэбит биһигини биирдэ даҕаны аччыктаппакка, тото-хана аһатан баччаҕа диэри кэллэхпит. Ийэ модун күүһэ диэн киниэхэ баара. Биһиги туспутугар туох баар өйүн-санаатын күүһүн барытын түмэрэ. Биир-биир улаатан сайынын окко үлэлии барарбыт, кыралаан булка сылдьарбыт. Күһүн оскуолаҕа барыах иннинэ кустуубут. Булт абылаҥар ылларан хойутаан хаалабыт. Ийэбит барахсан ытыс таһынар ыас хараҥаҕа хаһан кэлэрбитин кэтэһэн таһырдьа турар буолаахтыыра. Эмис оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэммиппит. Каникулга, кыһын, саас, сайын буоллун дойдубутугар Оломҥо сатыы түһүнэн кэбиһэбит, 4-5 көстөөх сири баардыылаабаппыт. Ол аайы ийэбит “оҕолорум аара суолга моһолу көрсүбэтиннэр, тоҥон-хатан эрэйи көрбөтүннэр”,– диэн төһөлөөхтүк долгуйан ааспыта буолуой… Ийэбит төрөөбүт төрүт сириттэн, Оломуттан харыс сири халбарыйбакка, биһигини олоххо тирэхтээх, дойдуга бэриниилээх гына ииппитэ. Оҕо эрдэхпититтэн тапталлаах Оломмутугар тардыһар күүһү иҥэрбитэ. Биир түгэни умнубаппын. Бырааппыт Никодим Эмискэ бастакы кылааска үөрэнэр. Оломҥо барарбытыгар эдьиийбитигэр Боккуойаҕа хааллардыбыт. Арай уолбут кэннибититтэн эккирэтэн бу ситэн кэллэ. Эдьиийэ Никодим куотан иһэрин көрөн, тута сатаабыт да сыыһа харбаан куоттаран кэбиспит. Бырааппытын “төнүн” диэн көрдөһөн да көрдүбүт, мөҕөн да көрдүбүт. Туох иһин төннүбэт. Хайыахпытый, ардыгар сүгэн, ардыгар соһон, сороҕор кэнниттэн анньан син өр айаннаан Оломмутугар тиийбиппит. Дойдуга таптал диэн биһиэхэ ийэбит нөҥүө олохсуйбута. Оҕолорун үөрэттэрэр туһугар ыал үксэ Олом Күөлтэн көһөн барбыта. Оттон биһиги ийэбит уолаттарын туһугар дойдутугар, бэйэтин дьиэтигэр-уотугар олорон хаалбыта. Биһиги туспутугар – дойдулаах, олоххо тирэхтээх, сирдээх-уоттаах дьон буола улааттыннар диэн. Кини дьоло – оҕолоругар, дойдутугар этэ. Уолаттар бары даҕаны талбыт курдук лиһигирэспит, тиит курдук лиҥкинэспит бөдөҥ-садаҥ, бэйэбитин лаппа кыанар дьоннорбут.
Алта уол тутуспутунан волейболга “Олом Күөл” диэн хамаандалаах этибит. Оройуон күрэхтэһиилэригэр киирэн, кыайан-хотон тахсар этибит. Сааһыран истэҕим аайы ийэбэр махталым, сүгүрүйүүм өссө дириҥээн иһэр”, – диэн Борускуо иккис уола Николай Егорович Кузьмин кэпсиир.
Борускуо олоҕор көрсүбүт иккис доҕорун Егор Николаевич Константиновы кытта 27 сыл эйэ-дэмнээхтик бииргэ олорбуттара.
“Бэйэм көлүөнэм, саастыы дьоммун сэрии имири эспитэ. 15 сыл чороҥ соҕотох сылдьыбытым, үтэр үтүмэх буолбутум. Хайдах маннык соҕотох сылдьыахпыный диэн, 29 сааспар уолбун Баһылайбын хараҕым харатын курдук харыстаан төрөппүтүм. Уолум биэстээҕэр бэйэбиттэн аҕыс сыл балыс Егор Николаевичка кэргэн тахсыбытым. Биэс уолу төрөппүппүт. Тулаайах сылдьыбыт дьоҥҥо оҕо-уруу тэнийэрэ тугунан да кэмнэммэт улахан дьол этэ. Ыарахаттар баар да буоллахтарына, оҕо туһугар барытын тулуйарбыт. Кэргэммэр Егор Николаевичка махталым улахан. Оҕобун Баһылайбын атарахсыппакка, бэйэтин оҕолорун кытта тэҥҥэ тутан улаатыннарбыта. Уолаттара атахтарыгар турарын көрөн, 7 сиэн минньигэс сытын билэн, 1981 сыллаахха 54 сааһыгар олохтон туораабыта”,– диэн Прасковья Васильевна олоҕун дьолун уһансыбыт доҕорун туһунан итинник истиҥник суруйан хаалларбыт.
КИЭҤ БИЛИИ, СЫРДЫК САНАА
Прасковья Васильевна үс эрэ кылаас үөрэхтээх диэтэххэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ, буочара ырааһа киһини эрэ сөхтөрөр. Улахан уола Василий Петрович каникулугар тиийэ сылдьан Николай Островскай романынан уһуллубут “Как закалялась сталь” кининэни көрбүтүн туһунан кэпсээбит.
“Ийэм: “Һыллыый, Тоня Туманова төһө кыраһыабай кыыс эбитий?” – диэн ыйытан сөхтөрбүт. “Тоня Туманованы эн хантан билэҕиний?” – диэн наһаа соһуйбутум. Ийэм: “Островскай кинигэтин аахпытым ээ”, – диэн бэрт симиктик хоруйдаабыта.
– 2000 сыллар саҥаларыгар Вячеслав Лаврентьевич Александров Амматтан Ил Түмэн дьокутаатынан турар быыбарыгар үлэлэстим. Эмиһинэн, Оломунан сылдьан быыбардааччыларбытын кытта көрүстүбүт. Оломҥо ийэбэр хоннубут. Баһылай Баһылайабыс Федоров эмиэ баар. Оччолорго улууска үөрэхтээһин эйгэтин сүрүннүүр. Ийэбин кытта өр кэпсэттилэр. Наахара былыргытын кытта ситимнээн Баһылай Баһылайабыс Далан “Тулаайах оҕотун” туһунан кэпсээтэ. Ийэм истэн олорон:“Далан түөрт кинигэтин барытын аахпытым”, – диэбитигэр Баһылай Баһылайабыс соһуйуу бөҕөтүн соһуйбута. “Үрэх баһыгар олорор хараҥа эмээхсин дии санаабытым ээ. Кэби-и-ис, билии-көрүү баар кырдьаҕаһа эбит. Ол да иһин киэҥ сиринэн тайаан сытар дойдутун иччилээн, тыыннаан олорор эбит!”– диэн улаханнык сөхпүтэ.
Оломтон Эмискэ киирэн, биир саастыылаахтарын, дьүөгэ кыргыттарын көрсөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн ааһар үгэстээҕэ. Араадьыйаны, хаһыаты тутан олорор киһи сонуна, билэрэ-көрөрө баһаам буоллаҕа дии. Оттон дьүөгэлэрэ тугу да билбэккэ олороллорун истэн: “Сайдыы, уот-күөс ортотугар олороҥҥут тугу да билбэккит. Үрэх баһын эмээхсинин саҕа суоххут”, – диэн мөҕүтэлиир этэ диэн биир саастыылаахтара кэпсииллэрэ. Ийэбит итинник дьоҥҥо билиититтэн, сырдык санаатыттан бэрсэр ураты хаачыстыбалааҕа, – диэн ахтар Василий Петрович Кузьмин.
ИЙЭ КӨРДӨҺҮҮТЭ
1969 сыл күһүнэ. Иккис уола Николай Егорович 16 саастаах. Ийэтинээн дьиэлэригэр иккиэйэх хаалбыттар. Кыралар чугас эргин кустуу барбыттар. Улаатан иһэр уолаттар сотору кэминэн Эмиһинэн, Алтанынан, Амманан тарҕанан үөрэнэ бараары сылдьаллар. Борускуо “Дөлүһүөн уга” диэн кинигэни ааҕа олорор. Уолун ыҥыран ылла уонна: “Куолаа, һыллыый, дьоннор ийэлэрин туһунан наһаа да үчүгэйдик суруйаллар эбит. Хойуут-хойуут, элбэх, элбэх сыллар ааспыттарын кэннэ, мин суох да буолбуппун кэннэ эн мин туспунан суруйуоҥ дуу? Суруйаар, сөп?” – диэбит.
– Мин онно ийэбин наһаа аһыммытым. Олох аһыытын-ньулуутун билбит, олоҕу наһаа таптыыр, умнуллан, сүтэн хаалыан баҕарбат саха дьахтарын биир сэмэй көрдөһүүтэ этэ. Ийэм түөһүгэр сирэйбинэн саба түспүтүм, хараҕым уутун туора-маары сотто-сотто ийэм күндү сирэйин хантайан көрбүтүм. Уонна: “Эн тускунан хайаан да суруйуом, кэпсиэм”, – диэн тылбын биэрбитим.
2018 сыллаахха уолум Александр Кузьмин ”Сүгүрүйүү” диэн эбэтин олоҕун туһунан кэпсиир кинигэтигэр ийэм туһунан суруйбутум. “Хомпум хоһуун дьонугар” диэн Павел Прокопьевич Николаев – Суоппар Байбал кинигэтигэр ийэбит туһунан кэпсээбиппит. Саха өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар, Ийэ сылыгар Прасковья Васильевна Кузьмина туһунан «Далбар Хотун» сурунаалга бэчээттэммитэ. Ийэм биир сэмэй көрдөһүүтүн толорбут дьоллоох киһибин”, – диир Николай Егорович Кузьмин.
ДОЙДУГА ТАПТАЛ
I Наахара (Хомпу) баай историялаах, Саха сирин биир кырдьаҕас нэһилиэгэ. Киэҥ нэлэмэн хочолордоох, от-мас хамсыы-хамсыы үүнэр нүөл сирдээх-уоттаах, дэлэй бултаах-алтаах дойдуга аҕа уус аймахтар силистэрин түһэрэн, тэнийэн, оҕолонон-урууланан, сүөһү-сылгы ииттэн, оттоон-мастаан олорбуттара. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыан иннинэ 500 нэһилиэнньэлээх, 700 ынах сүөһүлээх, үс учаастактаах (Дьараайы, Олом Күөл, Чоноойу) В.М. Молотов аатынан холкуос тигинэччи үлэлээн, ньир-бааччы олорбута. Сэрии сут-кураан сыллара Наахара нэһилиэгэр дириҥ оспот бааһы хаалларбыта. Эдэр дьонноро сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ, тыылга хаалбыттар хам аччык суорума суолламмыттара.
50-с сылларга сэрии кэнниттэн урусхалламмыт олоҕу чөлүгэр түһэрии түбүгэр туруммут кырдьаҕас Наахара өссө биир улахан охсууну ылбыта. Холкуостар бөдөҥсүйүүлэринэн сибээстээн, Молотов аатынан холкуоһу Эмис нэһилиэгин кытта холбоон Победа холкуос тэриллибитэ. Оскуола, оҕо саада, балыыһа сабыллыбыттара. Дьон үксэ, оҕолорун үөрэттэрэр туһугар, дьиэлэрин-уоттарын көтүрэн, Эмискэ көһөн киирбиттэрэ. Аҥардас ити кэмҥэ Оломтон 70-ча дьиэ көтөрүллэн Эмискэ көһөрүллүбүт. Хаарыан дойду иччитэхсийэн туран хаалбыт.
1980-с сыллар саҥаларыгар Амма кырыс сирин туһаҕа таһаарыы үлэтэ киэҥник барбыта. Олом Күөл саҥалыы тиллэн, эдэрдии эрчимнээх бөһүөлэк буолбута. Оскуола, оҕо саада, маҕаһыын, медпуун, баанньык, спортсаала, таҥара дьиэтигэр кулууп арыллан иччитэхсийэн турбут бөһүөлэк оҕо саҥатынан, сүгэ-эрбии тыаһынан, ынах-сүөһү маҥырааһынынан биирдэ туола түспүтэ. Бу Борускуо уолаттара атахтарыгар турар, дьиэ-уот тэринэр, оҕолонор-урууланар кэмнэрэ этэ. Бииртэн биир кэрэ кийииттэр киирэн кэлбиттэрэ, Хомпу үрэх кытылын устун сиэн оҕолор кылыйа сүүрбүттэрэ. Дьоллоох кэм саҥа көлүөнэтэ Олом Күөлгэ олорон үөрэнэр, төрөөбүт дойдуларын салгынынан көҥүллүк тыынар кыахтаммыттара. Прасковья Васильевна Кузьмина бу эйэлээх олоххо дойдутун кытта тыыннаах ситимин үүнэр ыччаттарыгар олохтуур олоҕун биир саамай эппиэтинэстээх кэмигэр үктэммитэ. Дойдуга таптал оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн олохсуйарын кини бэркэ диэн билэрэ. Үрэх баһыгар оннун булан олохсуйбут Наахара нэһилиэгэ билигин да тирэҕин ситэ була илигин кырдьаҕас ийэ сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Дойдуга быһыы-майгы уларыйа турарын араадьыйанан истэ-билэ олороро. Бу сүүрэн бытыгыраһа сылдьар кырачаан сиэннэригэр, кэмин куоттарбакка, сылаас тыынын олохсуттаҕына, Олом Күөлү, баҕар, сэттэтэ да эстиннэр, сиэннэрэ дойдуларыгар син биир эргиллэн кэлэ туруохтарын кырдьаҕас ийэ сүрэҕинэн курдаттыы таайара.
Сэбиэскэй тутуллаах олох төрдүттэн түөрэ-лаҥкы барыыта Олом Күөлү тумнубатаҕа. Ыраах, кытыы сытар нэһилиэктэр бастакынан сарбыллыбыттара. Оломҥо оскуола сабыллан, дьон-сэргэ кыһалҕаттан эмиэ көһөн барбыта. Эдэрдии эрчимнээх бөһүөлэк күүһэ-уоҕа өһүллэн кураанахсыйан туран хаалбыта. Арай дойдутугар бэриниилээх хорсун ийэ Борускуо сиригэр-уотугар чиҥник үктэнэн туран хаалбыта.
Саҥа тутуллаах олоххо ыччаттара Оломноругар түмсэ түһэн, олохторун саҥалыы тэринэн барбыттара. Аныгы кэм туруорар ирдэбилинэн, сүөһү-ас ииттэн, бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, сиэннэр, хос сиэннэр тапталлаах дойдуларыгар Оломноругар тардыстан кэлэ турар услуобуйаларын барытын тэрийбиттэрэ. Прасковья Васильевна Кузьмина сүрэҕин сылааһынан олохтообут тыыннаах ситимэ ити курдук салҕанан, Олом Күөл киэҥ сирдэринэн тайаан сытар сирэ-уота бүгүҥҥү күҥҥэ харысхаллаах, көрүүлээх-истиилээх.
Хорсун ийэ олоххо кэлбит ытык аналын толорон, олох очурдарын эрдээхтик туораан, дойдутун, сирин-уотун ыччаттарын эрэллээх илиилэригэр туттаран, 2004 сыллаахха 84 сааһыгар аннараа дойдуга аттаммыта.
Сардаана МАТВЕЕВА,
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бэчээтин туйгуна