Ахсынньы 5 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн оҕо уопсастыбыннай хамсааһыннарын күнүн бэлиэтээбиттэрэ. Биһиги Тааттабыт улууһугар былырыыҥҥыттан тэриллибит «Бастыҥнар хамсааһыннара» диэн улуус үрдүнэн тэриллэр фестивальга сылын аайы кыттабыт.
Боростуойдук этттэххэ, бу тэрээһиҥҥэ оҕолор күнү быһа араас хайысханан күрэхтэһэн эрэ тахсабыт. Кричалкалартан, визиткалартан саҕалаан, социальный бырайыактары көмүскүүбүт, оҕо тэрилтэлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин туһунан презентацияҕа тирэҕирэн, билиһиннэрэллэр — бу барыта күрэхтэһиилээх, дьүүллүүр сүбэ иннигэр кэпсиигин. Күрэхтэр буола турар кэмнэригэр тэрийээччилэр «Станцияларынан оонньууну» оҥорбуттара оҕолор бэйэлэрэ иллэҥ кэмнэригэр музыкальный нүөмэрдэри таҥан, кэнсиэр да көрдөрбүппүт.
Биһиги Харбалаахтааҕы үөрэх холбоһугуттан 8 буолан баран кыттан, күрэхтэһэн, үөрэн-көтөн, астынан-дуоһуйан, атын оскуола оҕолорун кытта билсэн-доҕордоһон кэллибит. Бу тэрээһинтэн үгүс саҥаны биллибит. «Биһиги сааскы кэммит» диэн социальнай бырайыакпытын көмүскээн, иккис миэстэни ылан, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут.
Аныгыскы сырыыга өссө үчүгэйдик кыттан, барытыгар миэстэлэһэн кэлиэхпит диэн бигэ санааны ылынан кэллибит. Тэрийээччилэргэ, доҕотторбутугар маннык үтүө күнү бэлэхтээбиттэрин иһин улаханнык махтанабыт!
Эмилия Федорова, Таатта, Харбалаах.
keskil14.ru