Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр Чурапчы улууһугар «Идэһэ-2024» дьаарбаҥка буолан ааста. Бу тэрээһин чэрчитинэн, нэһилиэктэр икки ардыларыгар «Саха ыалын сандалы остуола» аһы-үөлү көрүү күрэҕэ ыытылынна.
Күрэххэ барыта 6 нэһилиэк кытынна. Биһиги нэһилиэкпититтэн сүөһү иитиитинэн дьарыктанар ыал Лидия Михайловна, Пётр Петрович Григорьевтар кыттыыны ыллылар. Лидия Михайловна физика учууталынан, Пётр Петрович АГРО чаас салайааччытынан айымньылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр түөрт оҕолоохтор: Айтал 9 кылаас, Мичийэ 3-с, Намыына 1-кы кылааска үөрэнээччилэрэ. Онтон кырачаан кыыстара Күбэйэ Куо 4 ыйдаах.
Мааны астаах сандалы күрэҕэр кыттааччылар төрүт аспытыттан араас бүлүүдэлэри астаан, киэргэтэн көрдөрдүлэр, билиһиннэрдилэр, бэйэлэрин дьарыктарын сырдаттылар.
Түмүккэ, Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ анал бириис хаһаайыттара буоллулар. Нэһилиэкпит баһылыга Афанасий Афанасьевич Степанов, оскуолабыт дириэктэрэ Пётр Петрович Тарасов Махтал суруктарын, бэлэхтэрин туттардылар.
Биһиги учууталларбытыгар нэһилиэкпит аатын чиэстээхтик көмүскээбиттэринэн истиҥник махтанабыт уонна киэн туттабыт.
Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр чэгиэн доруобуйаны, үлэлэригэр, үөрэхтэригэр ситиһиини, дьолу- соргуну баҕарабыт.
Айна БАНДЕРОВА, VII кылаас,
С. Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы