Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур орто оскуолатыгар сааскы, сайыҥҥы кэмҥэ «Мэрлэнкэ» («Ньургуһун») көһө сылдьар оскуола 2018 сылтан тэриллэн үлэлиир. Биһиги, оҕолор, сайын аайы сынньалаҥмытыгар ыстаадаҕа көмөлөһө тахсабыт. Быйыл алта үөрэнээччи буолан эмиэ сайылаан кэллибит.
Сааскы бириэмэҕэ кэтэхтэн үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиибит, көмөлөһөбүт уонна сайынын табалыырга, араас дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөбүт. Оҕолор буолан көһүү аайы таба үүрсэргэ, былаахылары тутуһарга, хомуйарга, таба хаайыытыгар күүс-көмө буолабыт. Күһүн кунаах бириэмэтигэр таба ыһыллар кэмигэр, атыыр муоһун быһарга биһиги көмөбүт наада диэн табаһыттар этэллэр. Киһи ылла да табаһыттаабат, күүстээх санаалаах, түргэнник толкуйдуур, өйдүүр киһи табалыыр. Таба ханна барбытын, ханан сылдьыбытын киһи ылла да булбат, кинилэр хайдах туруктаахтарын уопуттаах табаһыттар эрэ билэллэр. Ону мин сөҕөөччүм, кырдьык да, сөпкө этэллэр эбит диэн.
Быйыл оскуолабыт дириэктэрэ Матрена Алексеевна Горохова Интернет ситимин эбии холботторон, ону тэҥэ күн батареятын туруоттаран, дьоммутун кытта сибээскэ, үөрэхпитигэр да туһалаах. Биһиги настаабынньыктарбыт, көрөр-истэр дьоммут Анна Ивановна, Владимир Мопрович күүс-көмө, сүбэ-ама биэрэн сайыммытын туһалаахтык атаарабыт. Оскуолабыт сылын аайы ыстаадаҕа барар оҕолорго сухпаек биэрэр.
Ыстаадаҕа сылдьарбыт иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сирдиир. Табаһыт идэтэ биһиги төрүт идэбит, удьуорбут дьарыга утумунан, салҕанан ситимин быспатар диэн баҕа санаалаахпын.
Быйыл улууспутугар Тыа хаһаайыстыбата сылынан биллэриллибитэ. Мин табаһыттарга ыарахан үлэҕититтэн чаҕыйбакка, тулуурдаах буоларгытыгар, кытаанах доруобуйаны, өссө да табабыт элбии-үөскүү турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Арина Старостина, 11 кылаас үөрэнээччитэ,
«Биракчаан» медиакиин корреспондена, Кустуур нэһилиэгэ.
keskil14.ru