Ыам ыйын 21 күнүгэр «Эйгэ» норуот айымньытын киэҥ саалатыгар биһиги оскуолабыт сылын аайы ыытар «Сыл бастыҥнара» диэн ааһан эрэр 2023-2024 үөрэх дьылын нэһилиэнньэ, төрөппүт иннигэр отчуота буолан ааста.
Отчуот оскуола дириэктэрэ Львов Капитон Петрович эҕэрдэ тылынан саҕаланна. Оскуола сыллааҕы үлэтин, ситиһиилэрин билиһиннэрдэ. Бастыҥ дьиэ кэргэттэргэ, үлэһиттэргэ махтал суруктары туттартаата. Ол кэннэ сыл бастыҥнара ааттаннылар, грамота уонна өйдөбүнньүк статуэткалары бэлэхтээтилэр. Олор быыстарыгар биһиги, эдкордар баарбыт.
Ол курдук:
«Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» анал ааты Григорьева Саяна (8 кыл),
«Бастыҥ олимпиадник» Григорьева Саяна (8 кыл),
«Кэскиллээх чинчийээччи» — Андреев Харысхан (8 кыл),
«Бастыҥ активист» — Суханов Айаал (10 кыл), Нахова Дайаана (8 кыл)
«Өбүгэ үгэһин утумнааччы» — Суханов Айаал (10 кыл)
«Ылбаҕай ырыаһыт» — Поскачина Сандаара (10 кыл)
ыллылар.
Сыл бастыҥнарын, кэлбит ыалдьыттары оскуолабыт оҕолоро ырыанан, үҥкүүнэн, театральнай туруоруунан, хоһоонунан эҕэрдэлээтилэр.
Бу курдук Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто үөрэхтээһин оскуолата 2023-24 үөрэх дьылыгар үлэтин нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттаата.
«Дабаан» эдкордара,
Тааһаҕар, Бүлүү