Мин «Кыталыктаах кырдалым» киинэни улахан экраҥҥа тахсыан иннинэ көрбүт дьоллоохпун. Оскуолабытыгар режиссер Михаил Лукачевскай бэйэтинэн кэлэ сылдьыбыта. Төһө да уот суоҕун иһин, оскуолабытыгар генератор холбоон, көрбүппүт.
Киинэ олус интэриэһинэй. Олоххо туох барыта киһи күүстээх санаатыттан улахан тутулуктааҕын өйдөөтүм. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар, кыһамньылаах буолууга, ис сүрэххиттэн дьоҥҥо үчүгэйи баҕараргар – барытыгар үтүө санаа баар. Ол үтүө санаа эйиэхэ хайдах курдук улахан кыаҕы-күүһү биэриэн сөбүн үчүгэйдик билбэт эбиппит. Баанньа сатаан хаампаппын, инбэлииппин диэн кимтэн да туора турбат, кимиэхэ да кыыһырбат. Убайдара кинини туораппаттар. Бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар. Көмөлөһөллөр.
Оо, Баанньа хаамар буолбутугар наһаа да үөрбүтүм! Эһиги эмиэ ити түгэнтэн олус күүскэ үөрүөххүтүн баҕарабын.
Вика РАХМАТУЛЛИНА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Ааптар уруһуйа